ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балыксыт

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы рыболов, рыбак

English fisherman

Ис хоһооно · 6
I

1 аат тыл #

Балыгы бултааччы

Нууччалыы Рыболов, рыбак

  • Ньукулаас эдэр эрдэҕиттэн күн бүгүҥҥэ диэри сааһытынан уонна балыксытынан нэһилиэгэр киһиэхэ баһыйтарбатах киһи.
    С. Никифоров
  • Өрүс уҥуоругар биир балыксыт тыытыгар олорон күөгүлүүр.
    Н. Якутскай
  • Үһүө этибит: мин - омуннаах соҕус балыксыт, иккиспит - олохтоох учуутал, үһүспүт - оскуола остуораһа
    Н. Габышев

2 аат тыл #

Идэлэммит балыгы бултааччы

Нууччалыы Человек у которого основным занятием является рыболовство, профессиональный рыбак

  • Дьааҥы оройуонун балыксыттара өлгөм булт иһин, хоту дойду холоруктаах тымныытыттан толлубакка, бары күүстэрин уонна сатабылларын ууран туран охсуһаллар.
    И. Данилов
  • Билигин Саха сирин киэҥ киэлитигэр М. Горькай улуу аатын истибэтэх, кини өлбөт-сүппэт айымньыларын аахпатах биир даҕаны холкуостаах, оробуочай, булчут, балыксыт суоҕа чахчы. Софр. Данилов. Балыксыппын өрүүтүн - Махтанабын идэбэр: Биллим үлэ үөрүүтүн Бэйэм муҥур үйэбэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Киэһэ аайы балыксыттар Хаһыат ааҕар чаастаахтар
    С. Данилов
Өссө холобурдар (3)
  • Чыычаах [киһи аата] бу түҥкэтэх улуус үрэҕин баһыгар, бэс күөлүгэр бүгэн олорор балыксыт оҕонньордоох эмээхсинтэн төрөөбүтэ.
    И. Гоголев
  • Тыал, буурҕа оонньуур, хаар саба тибэр хотугу дойдуга балыксыт артыалыгар атын сиртэн киһи кэлэрэ - сүрдээх улахан сонун.
    Т. Сметанин
  • Былааны аһара анньаннар, Бултуйбут балыксыт уолаттар, Салгыны ырыанан аймааннар, Иһэллэр дьигискэн тыылардаах
    Л. Попов

3 даҕааһын #

суолт. Балыктыыр, балыгы бултуур

Нууччалыы Рыбацкий, рыболовецкий

4 этии #

Балыксыт күнэ - балыгы бултааһынынан анаан дьарыктанар дьон бырааһынньыктара Бүгүн - балыксыт күнэ

Нууччалыы День рыбака

II

5 аат тыл #

Балык аһылыктаах хотой

Нууччалыы Скопа степная

6 аат тыл #

Өрүс тыыраахыта

Нууччалыы Речная крачка

  • Балыксыт хоптобут кыланна, таҕыста саҥа күн.
    Н. Босиков
  • Тэҥн. балыктыма

«Б» буукуба