ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балыыр

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы клевета, порочащая кого-л., ложное обвинение кого-л. в чем-л

1 даҕааһын #

Кими эмэ онно суоҕунан, сымыйанан холуннарыы, сымыйанан буруйдааһын

Нууччалыы Клевета, порочащая кого-л., ложное обвинение кого-л. в чем-л

  • “Ити барыта сымыйа!” - Маайа хара балыыртан абаккаран, хараҕын уута кууран хаалар, куолаһа кытаатар.
    Н. Якутскай
  • Эрдэттэн да сэрэйиэ эбит - маннык хара балыырга түбэспитин, дьүөгэлэрэ киниэхэ кэнникинэн тоҕо эрэ тоҥкуруун, көһүүн буолан испиттэрин.
    С. Федотов
  • Арбана хайҕаннахпына - Дойдубар талаһабын, Балыырга баттаттахпына - Дойдубар талаһабын.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Ол гынан баран, чахчы балыыр эмиэ суохха дылы, тойон барытын сөпкө аахсыбыкка дылы
    Амма Аччыгыйа

2 даҕааһын #

суолт. Хоптоох, холуннарыылаах, буруйдааһыннаах

Нууччалыы Клеветнический, обвинительный

  • Хаххалыыр хара санаа - халбарый, Күлүктүүр күтүр санаа - күрэн, Баттыыр балыыр санаа - бар.
    А. Софронов
  • “Омугумсах”, “бурсуй” диэбит Ордуос, балыыр уураахтар, Ол кэмҥэ миигин үөхпүт Эҥин бурут тыллаахтар
    С. Данилов

«Б» буукуба