ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балыыҥка

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы нестоящее, сомнительное дело

1 аат тыл #

Эрэлэ суох, саарбах дьыала

Нууччалыы Нестоящее, сомнительное дело

  • Онтон харчылаахха хамнаска бардым, Үптээххэ үлэһит буоллум, Балыыҥканы эрэ батыстым, Ночооттоох аххан суолу тобуллум. Саха нар. ыр. II. Көр эрэ, нохоо, соҕотоҕун сылдьар диэн олох балыыҥка буолар эбит. Саһарҕа. Массыына көлө Бадараан суолга Батыллан хаалбыт, Балыыҥка буолбут
    П. Тулааһынап

2 аат тыл #

Тылынан халаарыы, кыһыл тылынан ыаһахтаныы

Нууччалыы Краснобайство

  • Эй, чэ үлэлээн иһиҥ. Ити үөннээх Киэсэ балыыҥкатын баран иһиллээн туруоххут дуо.
    Р. Кулаковскай
  • Балыыҥкатынан, айдаанынан, Барбах малынан албынныырынан Бастыҥ киһи этэ кини [Клим]. Н. Некрасов (тылб.)
  • Кини [Чысхаан] таах күүлэйдиир, арыгылыыры кытта арыгылаан, хаартыһыты кытта хаартылаан, балыыҥка киһи ааттаммыта.
    В. Чиряев
Өссө холобурдар (2)
  • Биэчэргэ, бырааһынньыкка Муостаҕа битийэрдии, Атаҕар араас балыыҥка Тылы тамнаан эрэр дии.
    А. Твардовскай
  • Балыыҥка маргыар, Баайсыылаах мөккүөр Балаҕаммыт түгэҕинэн Тиргиллибэтин
    И. Гоголев

3 даҕааһын #

суолт. Эрэлэ суох, көлдьүн, сэлээр

Нууччалыы Ненадежный, непутевый, несерьезный

«Б» буукуба