ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балыыһа

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы больница

English hospital

1 аат тыл #

Ыалдьыбыт киһини эмтиир тэрилтэ

Нууччалыы Больница

  • Холкуостара сопхуос буолбутун кэнниттэн биир кулуубу, куораттыы тииптээх балыыһаны, биир маҕаһыыны, гарааһы уонна да элбэҕи тутуталаан туһаҕа киллэрэргэ ылыммыттара.
    Р. Кулаковскай
  • Таисия Захаровна балыыһаттан уон, сүүрбэ көстөөх сирдэргэ, түҥкэтэх түөлбэлэргэ ыалдьааччыларга ыҥырыкка барааччы.
    Л. Попов
  • Түксү! Мин олус өр сыттым бу манна - Үтүөрдэр дьаныардаах балыыһа дьиэтигэр
    С. Данилов

2 даҕааһын #

суолт. Балыыһатааҕы, балыыһа киэнэ буолар

Нууччалыы Больничный, пребывающий в больнице

  • Биһиги, балыыһа балаататыгар сытааччылар, бу киэһэ кылаабынай докторбытын М. Д. Михельманы хайҕаан сэһэргэстибит.
    Амма Аччыгыйа
  • Киниэхэ [Даайаҕа] оҕонньоро ньургуһун тута-тута көрсүһэ кэлбит буолуох этэ. Ону кини балыыһа тумбочкатыгар туруорбут буолуох этэ
    В. Гаврильева

3 этии #

Балыыһа киһитэ кэпс. - ыарыһах буолан, балыыһаттан арахпакка эмтэнээччи Ээ, ол, Бүөтүккэ балыыһа киһитэ буолбута хас да сыл буолла

Нууччалыы Человек, который по состоянию здоровья не может обходиться без стационарного лечения

«Б» буукуба