Перевод с якутского
бамыһыай
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы бумазея.
1 аат тыл #
Хлопоктан оҥоһуллар аҥаар өттүгэр ньалҕаархай түүлээх сымнаҕас таҥас
Нууччалыы Бумазея. Хамнастарын ахсааныгар ылбыт бамыһыайдарынан Микиитэҕэ ырбаахы тикпиттэрэ. Амма Аччыгыйа. Билигин быстахха, муунта аҥаара саахары, чиэппэр чэйи, Микиитэҕэ ырбаахы буолар үс арсыын бамыһыайы киллэрдэ. Амма Аччыгыйа. Мин өс киирбэх үс арсыын бамыһыайы илиибэр ылан көрбүтэ буола туран, болуот уһугуттан ууга "чалк" гынан хаалабын. С. Никифоров
2 даҕааһын #
суолт. Бамыһыайтан оҥоһуллубут (тигиллибит), бамыһыай
Нууччалыы Сшитый из бумазеи, бумазеевый
Кини тэлэгириэйкэ таһынан кэппит сурааһыннаах бамыһыай таҥастан тигиллибит бүтэй уолуктаах ырбаахытын тэллэҕэ тыалтан тэлээрэр. ДФС КК