ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бандьыыт

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы участник вооруженной банды, бандит

1 аат тыл #

Халыыр-талыыр, өлөрөр баанда кыттыылааҕа, саалаах-сэптээх халааччы

Нууччалыы Участник вооруженной банды, бандит

  • Сэбиэскэй былааһы кини бэйэтин былааһынан ааҕар, онон бандьыыт буолбут сураҕын истэн баран, быраатыгар өстөнө санаабыта.
    П. Ойуунускай
  • Көлөпүнэ күтүр тахсан мааҕыын утуйа сытар бандьыыттыын тугу эрэ ботугураһан кэпсэтэ тураллар эбит.
    Н. Заболоцкай
  • Ол кэмҥэ аатырбыт тойуксуту Ырыа Даарыйаны бандьыыттар хаайаннар, үҥкүү тылын этиппиттэрэ.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. быраат (4)

2 даҕааһын #

суолт. Бандьыыкка сыһыаннаах, бандьыыт киэнэ

Нууччалыы Бандитский

  • Бандьыыт буулдьата. Бандьыыт саайката

3 этии #

Нууччалыы Белобандит (участник повстанческого движения против советской власти)

  • Үрүҥ бандьыыт истор. - сааланан-сэптэнэн сэбиэскэй былааһы утарар бастаанньа кыттыылааҕа Ити сыл күһүнүгэр үрүҥ бандьыыттар диэн, былыргы кэпсээҥҥэ баар сүллүүкүттэр курдук сүпсүнүспүт күтүрдэр, күөрэс гына түстүлэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһигиттэн чугас улуус киинигэр Мүрү Томторугар үрүҥ бандьыыттар ыстааптанан олорбуттара.
    В. Протодьяконов
  • Үрүҥ бандьыыттар этэрээттэрэ Марха сиригэр сэбиэскэй былааһы суулларар былааннаахтар. С. Ефремов

«Б» буукуба