ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баранаак

аат тыл

Нууччалыы варнак, каторжник, разбойник

1 аат тыл #

үөхс. Буруйу оҥорон атын сиргэ көскө кэлбит киһи, түөкүн

Нууччалыы Варнак, каторжник, разбойник

  • Баай баранаагын да иһин тойон, дьадаҥы өйдөөҕүн да иһин акаары (өс хоһ.). Баары бараабыт баранаак баар үһү. (тааб.: хаарты). Көр, бу Бытаакы уола хара ыт сиртэн көстүбэккэ сылдьан эрэ тыл утарсар, адьас ыт буолуох ыт, баранаак буолуох баранаак эбээт. МНН. "Ити баранаак сымыйатын көрүҥ эрэ! Ити хантан истибит тылай?"- дии-дии Сургууһут Соппуруон дьон таһыгар аадаҥнаата
    Д. Таас

2 аат тыл #

күл. -ооннь. Дьээбэ, орой мэник, төбөт (улаханнык кыыһырбакка уонна үөхсүбэккэ эрэ тут-лар)

Нууччалыы Проказник, шалун, шалопай

  • “Ол иһин сэрэйбит сэрэх! Бу баранаак арыыны уоран иһэр ээ”, - диэтэ, ол кэннэ үрүмэм тобоҕун сиэн хабыалаабытынан барда.
    Н. Неустроев
  • Аны түүн бу турар кырабаат Аҥаардас маһынан кылбайыа, Киниэхэ кулакы баранаак, Ас көрдөөн, мэнээктии хаптайыа
    Күннүк Уурастыырап

3 этии #

Нууччалыы Разбойник

  • Хара баранаак - 1) үөхс. киһиттэн намтатан, киһиэхэ тэҥнээбэккэ үөҕэр тыл: түөкүн, ороспуонньук Ыл, суруксут, бу хара баранаакка боротокуолла оҥоро тарт.
    Н. Неустроев
  • [Суон Дьөгүөр:] Ити остуорас хара баранаак сопхуоска олорон оҕуспун тутан илдьэ барбыта ээт. Күндэ; 2) кыыһырбакка эрэ көннөрү күлэн оонньоон хаадьылааһын. Θ Шутливое обращение без брани: проказник, шалопай, сорванец. [Хара Мотуо Татыйыкка:] Хаарыаны, эн буола түспүт киһи баар ини. Сирэ оонньообуттарын, уолаттар хара баранаактары дьэ ситиһиэм этэ.
    И. Гоголев
  • Хаама-сүүрэ сылдьан, Халыачыйан хаххаллан, Хара баранаак Халдьаайы үрдүттэн Халтарыйан түһэн Хампарыйарыгар тиийдэ диэн Хадыҥхалыы саныыргытын Хам-түм харахтыыбын. А. Софронов

«Б» буукуба