ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бардам

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы нахальный, наглый, дерзкий

1 даҕааһын #

Харса-хабыра суох, толоос, дохсун (хол., майгы)

Нууччалыы Нахальный, наглый, дерзкий (напр., нрав)

  • Баай бардам, тот дохсун (өс хоһ.). Бу бардам уол кэккэттэн урутаан бараары муҥнуур буоллаҕа. Кинини хайдах эмэ гынан ахсымнаабат гына иитиэххэ наада.
    Эрилик Эристиин
  • Даарыйа да эмээхсин намылхай саҥатынан уолун бардам быһыытын намырата соруммата.
    Амма Аччыгыйа
  • Тусахов уруккуттан даҕаны бардам майгытынан, хабыр быһыытынан сураҕырара. Софр
    Данилов

2 аат тыл #

суолт. Харса-хабыра суох буолуу, толоос быһыы

Нууччалыы Наглость, дерзость, спесь

  • Мин аҕам бардамын билбэккэ дылы Сырдык тыын көмүскэлигэр эргэ барбыт буруйдаах буоллаҕым.
    Эрилик Эристиин
  • Норуот Тыгын бардамын, ордуоһун, баттыгаһын, аҥаардас сэриинэн, өлөрүүнэн-сүтэриинэн дьарыктаммытын сэмэлиир. Саха сэһ. I. Бардамы бахтат, Дохсуну тохтот, Көлдьүнү күөй!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Хара санаа Хаҥыл бардама, Харса суоҕа Хампарыйбыта.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. дохсун. Ср. монг. бардам ‘гордый, чванливый’

3 этии #

Нууччалыы Постоянный эпитет, изображающий крутой, деспотичный нрав богатого человека (богача)

  • Бардам баай - баай киһи тосту-туора, толоостук быһыыланарын ойуулуур халбаҥнаабат эпитет Ол гынан баран Күр үп Күнүскү үлэттэн көстүбэт, Бардам баай Балыыра суох барҕарбат.
    А. Софронов
  • Ол сирбит быйаҥын киниэхэ орооммут Күннэтэ оҕустуу көлүллэр этибит. Бардам баай ап-чарай илимэр иҥнэммит Бакаайы кэтэрбит, бакыйан иһэрбит.
    С. Васильев
  • Бардам тутуу Барылы кэскил Баай барыылаах фольк. - булчуттары араҥаччылыыр Баай хара тыа иччитин хоһуйар эпитет. Θ Постоянный эпитет, изображающий лесного духа - щедрого покровителя охотников. Бардам тутуу Барылы кэскил, Баай барыылаах Тойон эһэм, Истэ сэргэҕэлээ, Көрө бүдүлээ!
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (2)
  • Баай хара тыам иччитэ, Бардам тутуу, Барылы кэскил, Баай байанай тойон эһэм! Барар күнүм баһыйда Бастаах бэйэбин бакытан тураммын Эҕэрдэлээн эрэбин.
    А. Софронов
  • Бардам тутуу, барылы кэскил Баай Барыылаах эһэҕит кэлэн турабын! Амма Аччыгыйа

«Б» буукуба