Перевод с якутского
барча
аат тыл
Нууччалыы парча
English brocade; brocade
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Нууччалыы парча
English brocade (fabric); brocade
барча таҥас парчовая одеждаbrocaded clothes
2 аат тыл #
Туох эмэ үрүт үрдүгэр харталаһан чөмөхтөспүтэ (хол., көмүөл мууһа)
Нууччалыы Что-л., собранное грудой, в кучу (напр., льдины при ледоходе)
Аллара бараммат баһаам элбэх барча буолбут муустарын барылаччы кыйдаан, Бүлүү эбэ хаһан да тохтуо, уоскуйуо суох айылаахтык таҥнары устан дьулуруйа сытта. П. Филиппов Үөһэттэн көрдөххө, котлован иһэ барча курдук техника уйата этэ: араас носуостар, мотуордар, компрессордар, буровой станоктар, көтөҕөр кырааннар, экскаватордар, тыраахтардар онтон да атыттар. В. Яковлев Тюрк. парча
3 аат тыл #
, эргэр. Буһаран баран хатарыллыбыт кыра балык үлтү мэлиллибитэ
Нууччалыы Якутская национальная еда: вареную мелкую рыбу вялят или коптят, затем растирают в порошок для хранения впрок
Быйыл баҕас кыһыны туоруур барчаны хаһааныыһыктар. И. Гоголев Онно киирбит күөнэҕи ситэ буһарбакка эрэ күн уотугар хатардахха, барча диэн үлтүрүйэ сылдьар үтүө ас буолара. Багдарыын Сүлбэ. Быллай диэн былдьыры эмээхсинниин күнү быһа собо үөлэртэн, барча оҥорортон соло булбаттар. “ ХС
4 этии #
Кумах барча - кумах курдук үлтү мэлиллибит барча “Чааччахаан сыатын хайаан хотон сиэххитий? Кумах барча сүгэ барыам”, - диэбит Моҕус. Саха фольк
Нууччалыы Рассыпчатая (как песок) сушеная мелкая рыба
5 аат тыл #
, эргэр
6 аат тыл #
Көмүс сабынан ойуулаан хатыйа өрүллүбүт килбэчигэс чиҥ солко таҥас
Нууччалыы Парча. Барчаттан тигиллибит былааччыйа. Сибииргэ уонна ордук чуолаан Дьокуускай уобаласка сулууспалыыр дьон кыһыл көмүс эбэтэр үрүҥ көмүс барча хадьааһыннаах баархат таҥаһы таҥналлар. ИОВ ЯК. Эн туохтан бу маннык санааҕын санньыттыҥ? Эргэрдэ дуу кафтаныҥ барчата, хаймыыта? Аччаата дуу харчылаах-үптээх хааһынаҥ? М. Лермонтов (тылб.)
7 аат тыл #
Туох эмэ килбэчийэн көстөр сардаҥата (хол., күн тахсыыта)
Нууччалыы Золотистые лучи чего-л. (напр., восход солнца)
Арай көмүс барча тохтубутунуу түгэҕэр халлаан сулустара чаҕылыһа умайаллара. Болот Боотур Баай хара тыабыт барахсан Курустаал барчаны бүрүммүт. Сотору үрүҥ күн тахсан, Сүтүөҕэ бу дьикти дьүһүммүт. Баал Хабырыыс Кини дьиэтиттэн тахсарбар бөһүөлэк саҥа тутууларын сырдык эркиннэригэр арҕаалаабыт күн барча күлүмүнэн дьиримниирэ. БИ СТ