ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

барыта

аат тыл

Нууччалыы все, что имеется

English index

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

хомуур солб. аат. Баар бүтүннүүтэ, холбуу ылыллыбыта

Нууччалыы Все, что имеется

  • Испиискэлэри барытын эн тут.
    Амма Аччыгыйа
  • Сарсыарда туран, адьас барарга бэлэм гына оҥостубута, кинигэтин барытын хаалаан, ботуоҥкатын икки быанан көхсүгэр сүгэн кээстэ.
    Суорун Омоллоон
  • [Күөрэгэй - Мойокко:] Уонча манньыаттаахпын, барытын да ылар буоллаххына биэрэбин
    Т. Сметанин
II

2 #

эб

  • Кыаммат дьон чэй, табах, таҥас булунаары муспут эттэрин, арыыларын, балыктарын барытын буор босхону эрэ үрдүнэн хомуйан ылар.
    Н. Якутскай
  • Кыыллыйбыт фашист самныбыта, Кыайыы күнэ тахсыбыта, - Аан дойду бүтүннүү уруйдаабыта, Алаһа дьиэ барыта айхаллаабыта.
    С. Васильев
  • Алаас чыычааҕа барыта -- Үөрүүлээх ырыатын тарта
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (2)
  • Бу суолта эрэ эбиискэни кытта туттуллан ордук күүһүрдэр, чопчулуур дэгэти ылар. Θ Сочетаясь с частицей эрэ, получает оттенок усиления и конкретизации. Киһи эрэ барыта саас ырыаһыт буолар, атаас.
    Т. Сметанин
  • Ити курдук, киһи эрэ барыта сорунуулаахтык үлэлээн Лоҥкууда үрэх ыарҕалаах кытылын көбүөхтэтэн, хамсатан барбыттара
    М. Доҕордуурап

3 #

Атылыы предметтэри түмэн, холбоон, элбэҕин бэлиэтиир дэгэттээх көрдөрөр

Нууччалыы Выражает собирательность с оттенком множественности, указывая на совокупность одинаковых предметов

4 #

Предмети бүтүннүүтүн хабан чопчулаан-чуолкайдаан биэриини көрдөрөр

Нууччалыы Выделяет, уточняет предмет высказываемой мысли, охватывая его целиком

  • Мэктиэтигэр, дьиэбэр тиэрдэр Суолум-ииһим барыта Сибэккинэн тэтэрдэ. Эллэй. Баҕар, дириҥ санааларым ирдэҕим аайы төлүтэ көтөн тахсаннар, уот-сиэмэ буоланнар сиргэ барытыгар тарҕаныа этилэр.
    П. Ойуунускай
  • Арыт киһи сүрдээхтик көтөҕүллэн кэлэр идэлээх. Бүтүн аан дойдуну барытын кууһуоххун, таптыаххын, ууруоххун баҕараҕын
    С. Ефремов

5 #

Ким, туох диэн ыйытар солбуйар ааттартан түмэр солбуйар ааттары үөскэтэр

Нууччалыы Образует от вопросительных местоимений обобщительные местоимения (ким барыта каждый, туох барыта любой, всякий)

  • Туналыйар ыйдаҥаҕа туох барыта чуолкайдык көстөр.
    М. Доҕордуурап
  • Туох барыта аналынан буолуохтаах: көтөр кынаттаах көттүн, сүүрэр атахтаах сүүрдүн.
    А. Сыромятникова
  • Итини ким барыта билэр буолуохтаах. “
    Кыым

«Б» буукуба