ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баһылыктаа

туохтуур

Нууччалыы обладать властью, руководить кем-чем-л

1 туохтуур #

Ханнык эмэ бөлөх дьону салайар, дьаһайар бырааптан

Нууччалыы Обладать властью, руководить кем-чем-л

  • Үс сүүс сыл тухары саха норуотун ыраахтааҕы былааһа баһылыктаан, баттаан олорбута.
    Күндэ
  • Дыгын сэрии дьонун элбэҕи тутан, ону баһылыктыырын иһин “Боотур” диэн дуоһунастаах тойон аатырбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Норуот былыр, баай кылааһа баһылыктаан олорорун саҕана, санаатын сирэй этэрэ сатаммат этэ
    Суорун Омоллоон

2 туохтуур #

Тугу эмэ бас бил, туохха эмэ хаһаайын буол

Нууччалыы Владеть чем-л., стать хозяином чего-л

  • Баараҕай дьиэни баһылыктаа.
    А. Софронов
  • Кулуттар холкуос буолан, киэҥ алааһы баһылыктаан, үлэ дарбаанын уһугуннарбыттара
    Амма Аччыгыйа

«Б» буукуба