ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бигээ

туохтуур

Нууччалыы распознавать что-л. на ощупь, вслепую

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Таһыттан көстүбэти илииҥ эбэтэр атаҕыҥ иминэн туппахтаан эбэтэр үктэнэн көрөн бил

Нууччалыы Распознавать что-л. на ощупь, вслепую

  • Кини Тогойкин суолун чэрин уллуҥаҕынан бигээн, мүччү-халты үктэнэн хааман истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Онтон аны утуйар таҥас анныгар, карабин саа сытарын илиитинэн бигээн көрдө.
    Н. Заболоцкай
  • Атах иминэн бигээн тууһу буллулар
    У. Нуолур

2 туохтуур #

Ким, туох эмэ туһунан тугу эмэ билэ сатаа

Нууччалыы Пытаться узнать, получить какие-л. сведения, знания о ком-чем-л

  • Чурапчыга кэлбитэ балтараа ый буолла. Ол тухары сыылынайдары үөрэтэ, бигээн көрө сылдьар
    И. Федосеев
II

3 туохтуур #

Аргыый аҕай төттөрү-таары эйэҥнэтэ хамсат (хол., оҕону утутаары)

Нууччалыы Качать, укачивать, убаюкивать (ребенка)

  • Ийэм тиийэн бигии сатаата, оҕом уоскуйбата.
    Н. Заболоцкай
  • Дьиэлээх дьахтар алта ыйдаах уолун утутаары бигии сатыы сылдьара
    Н. Якутскай

4 туохтуур #

Биллэ-биллибэттик ил гына нарыннык сиккийэн, таарыйан ыл, аргыый хамсат, долгулдьут (тыал туһунан)

Нууччалыы Слегка сдувать; веять, плавно качать (о ветре)

  • Арай сылаас тыал иэдэһин оргууй бигиирэ.
    Н. Лугинов
  • Долгун тыыны өрө анньар, бигиир.
    Н. Заболоцкай
  • Тыал оту долгулдьута бигиир.
    АС

«Б» буукуба