ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биир

ахсаан, аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы цифра, число один

English one

Ис хоһооно · 11

1 аат тыл #

төһө ахс. аат. Ахсааны ааҕыыга икки иннигэр турар, биир сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл

Нууччалыы Цифра, число один

  • Бииргэ түөрдү эп. Үстэн биири көҕүрэт
  • Биир ахсаан кэриҥэ. Θ Один (количество). Биир солкуобай.
  • Остуолтан биир таас чааскыны үлтү түһэрэн кэбистэ.
    Күндэ
Өссө холобурдар (5)
  • Эһиги биир быраас кыыскытыныын Иккиэ аргыстаһан кэлбитим
    С. Васильев
  • Биирэ бөҕөтө бэрт. Багдарыын Сүлбэ. Биирэ - бухатыырдыы моһуоннааҕа, атына - хачаайы гынан баран хатан эрэһэ дьүһүннээҕэ
    М. Доҕордуурап
  • Биир кыыс оҕолоохпут эргэ баран олорор.
    Н. Неустроев
  • Байбаллаах Марта аҕаларыгар Талкы оҕонньорго оҕолорун Чыычааҕы, биир тарбыйахтарын ииттэрэ аҕалан биэрдилэр.
    Күндэ
  • Толооҥҥо биир хатыҥ суугунуу хамсанна
    Эллэй

2 аат тыл #

Иккиттэн биирэ, атына (киһини этэргэ)

Нууччалыы В значении имени существительного: тот, один из двух (о человеке)

3 аат тыл #

Кимҥэ, туохха эмэ аҥаардас, соҕотох

Нууччалыы Единственность, только один

  • Таптыыр дьон таҥаралара биир
    Саха фольк
  • Тоҕо хатыҥ эрэ барытын сэбирдэхтэрэ биир быһыылаахтарый?
    Суорун Омоллоон
  • Туох да уларыйыыта суох салҕанан барар; туох да атына суох. Θ Продолжающийся без изменения, равномерный; одинаковый; без различия. Биир кэм. Биир күдьүс.
Өссө холобурдар (3)

4 даҕааһын #

Суос- соҕотох, аҥаардас

Нууччалыы Одинокий; единственный

5 даҕааһын #

Үүт-үкчү маарыннаһар, бэйэ-бэйэлэригэр ханыылыы

Нууччалыы Похожий, одинаковый; ничем не отличающийся

6 даҕааһын #

Бэйэ бэйэтиттэн арахсыбат ыкса сибээстээх

Нууччалыы Целостный, неделимый, единый

  • Биир сомоҕо, Биир кэлим.
  • Маннык бэйэкээннээх эдэр ыччаты түмэҥҥин биир сомоҕо эдэр кэлэктииби иитэн-үөрэтэн таһаарбыккынан эҕэрдэлиибин.
    АҮ

7 даҕааһын #

быһ. суох солб. аат. суолт. Ким эрэ, туох эрэ, хаһан эрэ; элбэхтэн ким, туох эмэ

Нууччалыы Некий, какой-то, когда-то

  • Биир туруорбах дьиэҕэ сылгы чыычааҕа биир биһиктээх оҕону бигээн эрэр.
    Саха фольк
  • Тыымпыга биир Арамаан диэн обургу соҕус этээччи баара.
    Э. Соколов
  • Оройуон биир бөдөҥ хаһаайыстыбатынан “Элгээйи” сопхуос буолар.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Күнүс биир киһи эйиэхэ сурук хаалларбыта.
    ХС
  • Хоһугар биир билбэт эдэр киһитэ бэргэһэтин остуолга ууран, утуктуу олороро
    Амма Аччыгыйа

8 даҕааһын #

Өрүт, курдук дьөһүөллэри кытта ситимнэһиитигэр “бу буолбатах”, “атын”, “утары” диэн суолталанар

Нууччалыы В сочетании с послеслогами өрүт, курдук употребляется в значении “не этот”, “другой”; “противоположный”

  • Дьиэ биир өттүгэр балаҕаннаах.
  • Хайа биир өттүнэн үрэх сүүрэр.
    И. Данилов
  • Баһаар биир өттүгэр наар эт атылааччылар кыаһалдьыһар этилэр.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Биир курдук санаатаҕына, дьон-сэргэ ытыктабыла туох куһаҕаннаах буолуой. “
    Кыым

9 даҕааһын #

Ким, туох эрэ биир сааһын (сылын) туолбута (тард. ф-гар тут-лар)

Нууччалыы Возрастом в один год, годовалый

  • Биирин саҥардыы туолан эрэр оҕо хоһооно суох тугу эрэ чаачыгырыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Бииригэр диэри биһиккэ бигэннэ, Иккитигэр диэри иринньэҕирдэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Тюрк. биир, бир

10 этии #

Нууччалыы Один на один, с глазу на глаз

  • Биир бииргэ - туора дьоно суох, иккиэйэҕин Күрэхтэһии күүстээх бөҕөстөрө биир бииргэ көрүстүлэр.
  • Киэһэ дьиэбэр киирэ сылдьаар, биир бииргэ кэпсэтиэхпит.
    ХС
  • Биир быаҕа баайылын (баалын) кэпс. - бэйэ-бэйэҕиттэн тутулуктаах буол. Θ Быть с кем-л. взаимозависимым. Эн биһикки биир быанан бааллыбыт дьоммут, биир өлүүгэ өлүөхпүт, биир ииҥҥэ көмүллүөхпүт.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (19)
  • Сергеева быһаарыытынан, ити суруйбут дьоннор биир быаҕа баайыллыбыттара.
    ХС
  • Биир гына - барытын тилэри, уһаты-туора. Θ Вдоль и поперек. Баҕа оҕото тахсан дьиэни биир гына чыраахтаан сылдьымахтаан баран, хотон муостатын үөһэ тахсыбыта.
    Күндэ
  • Биир да харчыга уурбат кэпс. - аанньа ахтыбат, улахаҥҥа уурбат. Θ Соотв. ни в медный грош не ставит. Киһи эрэйин биир да харчыга уурбата. НАГ ЯРФС. 1. Биир көмүс туһата суох - халтай, туох да туһата суох. Θ Зря, напрасно; без надобности (напр., провести время). "Бүгүҥҥү күнүм көмүс биир туһата суох бүттэҕэ," - дии-дии Бэстиинэп оҕонньор кабинетыттан тахсан барда.
    С. Никифоров
  • Биир муостаҕа туруохпут - оҥорбут буруйбутугар тэҥҥэ эппиэттиэхпит; бииргэ буруйу сүгүөхпүт. Θ Виноваты в равной степени и отвечать будем вместе. Биир муостанан хаамтар - кими эмэ тугу эппиккинэн сырытыннар, көҥүл барар кыах биэримэ. Θ Заставлять кого-л. подчиняться себе, не давать свободу действий кому-л. Мин санаабар, оҕолору олус мөҕөр-түүрэйдиир, биир муостаҕа хаамтара сатыыр сыыһа.
    ХС
  • Биир мутугунан (мутук) үрдүк - кимтэн эрэ лаппа чорбойор, үрдүк, ордук. Θ Значительно превосходит кого-л. в чем-л.; соотв. (он) на голову выше. Дьэ ханныгын да иһин Арамаан оҕонньортон биир мутугунан үрдүк киһи төрөөбүтүм буолуо эбээт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бары утарылаһаачыларыттан биир мутук үрдүк турарын көрдөрөн чөмпүйүөннээтэ. “Кыым”. Биир өлүүгэ өлө сылдьар - кимниин эрэ тэҥ эрэйгэ түбэспит, тэҥҥэ эрэйдэнэ сылдьар. Θ Страдающий в равной степени с кем-л.; соотв. товарищ по несчастью. Биир өлүүгэ өлө сылдьар дьоннор ытыктаһыах тустаахтар.
    С. Никифоров
  • Биир санаалан - ханнык эрэ боппуруоска кимниин эрэ сөп түбэһэр санаалаах буол. Θ Найти общий язык с кем-л., достигать взаимного понимания. Ити курдук кэпсэтэн, биир санааланан, арахсаллар.
    П. Егоров
  • Биир санаанан - ким да утарыыта суох, бары биир киһи курдук Θ Единодушно. Мунньах биир санаанан Ананий Золотовскай этиитин ылынна.
    М. Доҕордуурап
  • Биир санааны ылын - халбаҥнаабат бигэ санааны ылын, бигэтик быһаарын. Θ Принимать непоколебимое решение; твердо решиться на что-л. Биһиги норуот кэккэтэ Биир санааны ылынан, Бигэргээтэ. Эллэй. “Үлэбиттэн уурайаары гынабын”, - диир Даарыйа, биир санааны ылыммыт быһыынан.
    ХС
  • Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай! - хайата да биир, син биир. Θ Где наша не пропадала! Иннибинэн эрэ чугуйуом суоҕа, - Биир сымыыт ханна түһэн сытыйбатай! .. Биир уол ханна төрөөн өлбөтөй!!
    П. Ойуунускай
  • Биир тыла суох - тугу да утары эппэккэ. Θ Беспрекословно, без единого возражения. Бэрэссэдээтэл этиитигэр биир тыла суох сөбүлэнэн, Мөрүөн ноһуом тасыһа таҕыста.
    Д. Таас
  • Бирикээстэр биир тыла суох толоруллаллар.
    ХС
  • Биир тыла суох бар - 1) тугу да утары этэр кыаҕа суох ах бар. Θ Внезапно, вдруг замолчать, не возражая, не высказывая ни одного слова против; 2) эмискэ, тута өл. Θ Погибнуть, умереть сразу. Хара быарга саайдаахха - киһи барахсан биир тыла суох барааччы.
    Күннүк Уурастыырап
  • Буулдьа чэчэгэйин тоҕо көппүт. Сержант биир тыла суох барбыт.
    ХС
  • Биир тыллаах - эппит тылыгар турар, эппитин уларыппат. Θ Верен своему слову, хозяин своего слова. Үтүө киһи биир тыллаах (өс хоһ.). Биир тылы бул (тылга киир) - кимниин эмэ сөп түбэһэр санаалан. Θ Найти общий язык с кем-л. Кинилэри кытта биир тылы була охсорун мин үгүстүк сөҕө көрөбүн.
    ХС
  • Кини дьонун-сэргэтин кытта биир тылы булан үлэлиир, табаһыттар, булчуттар, олохтоох интеллигенция кыһалҕатын үчүгэйдик билэр киһи. ПДИ КК. Биир тыынынан - тыын ылбакка, тута. Θ Сразу, залпом, без передышки; не переводя дыхания. Степан Саввич кырапыын түгэҕэр хаалбыт ууну, ыстакааҥҥа сүөкээн, биир тыынынан хантас гыннаран кэбистэ.
    ХС
  • Биир тэбиинэн -тэтимҥин түһэрбэккэ, уларыппакка; биир кэм. Θ Не сбавляя темпа (в беге). Талыы аттар көс аҥаара сиргэ биир тэбиинэн кэлбиттэр.
    С. Никифоров
  • Биир угунньаҕа (угунньахха) ук - кими да араарыма, барыларын куһаҕанынан аах, мөх, түүрэй. Θ Ругать всех подряд, не считаясь с различиями; делать всем общую головомойку. Суруксут бэҕэһээ дьаам дьиэҕэ - - кэлэн, дьону барытын биир угунньахха угуталаабыт үһү.
    А. Софронов
  • Биир хабахха тыын - кимниин эмэ биир санаалаах буол. Θ Быть единомышленником с кем-л. Убайым аҕатынаан биир хабахха тыыналлар. Н. Якутскай

11 этии #

Биир ахсаан тыл үөр. - предмет соҕотох буоларын көрдөрөр грамматическай категория тыл олоҕо - төрүт түһүккэ биир ахсааҥҥа турар форма. ПНЕ СТ. Этиилэри биир ахсааҥҥа уларытан суруйуу. КИИ СТ-2.

Нууччалыы Единственное число

Этиилэр

Биир бириэмэлээх көр биир кэмнээх

Күн сирин көрдө көрөөт, биир бириэмэлээх көмө диэн ыла оҕуста. С. Федотов. Биир бэйэм - соҕотоҕун, атыттара суох (үксүн тард. ф-гар тут-лар).

Без посторонних влияний, без чужой помощи, самолично, самостоятельно.

  • Хас биирдии холкуостаах биир бэйэтэ иккилии-үстүү киһи үлэтин үлэлээн дүрбүйэр.
    М. Доҕордуурап
  • Ордоробун биир бэйэм Олох түрбүөн түбүгүн.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (10)
  • Биир бэйэҥ биэс буол - соҕотоҕун хас да үлэни тэҥинэн оҥор; элбэҕи үлэлээ. Одновременно заниматься несколькими делами. Биир дойдулаах - кимниин эрэ биир сиртэн төрүттээх. Земляк. Ыраах сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан баран эргиллэн кэлэннэр, биир дойдулаахтарыгар атын сирдэр айылҕаларын, дьоннорун тустарынан бэрт элбэҕи кэпсииллэрэ. МНА ФГ. Биир дойдулаах кыргыттарыҥ эҕэрдэ ыыталлар.
    ХС
  • Биири биэстэ (мээрилиир, ыйытар уо. д. а.) - үрүт-үөһэ хатылаан (саҥарар). Одно и то же (повторять). Миигин эрэ кыһытаары биири биэстэ ыйытар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Биир күннээх - биир күн устатыгар буолар. Однодневный. Биир күннээх үлэ. Биир күннээх сынньалаҥ. Биир кэм - тохтоло суох, чопчу кэм устата, биир күрүс салҕанан барар. В одно определенное время (совершается, происходит). Кымньыы тыаһа биир кэм кууһурҕас буолла.
    Суорун Омоллоон
  • Биир кэм, мэкчиргэ курдук, эргичиҥнээн тахсар.
    С. Данилов
  • Биир кэмнээх - биирдэ бэриллэр, биирдэ эрэ ананар. Единовременный. Баһылык кырдьаҕастарга биир кэмнээх харчынан көмө оҥордо. Биир оннук - эмиэ ити курдук, эмиэ бу курдук, оннук, этиллибитин курдук. Так же, именно так. Урут хаста эмэтэ өскүүрсүйэҕэ сылдьан хал буолбут дьон, онон интэриэһиргээбэттэр. Киинэҕэ, лиэксийэҕэ биир оннук. “Кыым”. Аска наадыйдахтарына син урукку курдук Сараапап атыыһыттан баран көрдөһөллөр, таҥаһынан тутайдахтарына, эмиэ биир оннук.
    Н. Якутскай
  • Биир саастыылаах - кимниин эмэ саастарынан биир; биир сылга төрөөбүт. Ровесник, одногодок. Арай бэйэтин кытта биир саастыылааҕа Көөкөй Бүөтүр балай эрэ эриһэ, барсымахтыы сатыыр.
    В. Протодьяконов
  • Биир санаалаах - кимниин эмэ сөп түбэһэр өйдөөх-санаалаах. Единомышленник. Наһаар биир санаалааҕа Түүлээх Уллуҥаҕы кини өлөрөргө да бэлэм этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Биир сыллаах - уон икки ый устатыгар буолар, сыл кэриҥэ. Одногодичный, однолетний. Биир сыллаах үөрэх. Биир сыллаах үүнээйи. Биир туспа - атыттарга маарыннаабат, бэйэтэ уратылаах. Отличающийся, непохожий на других. Онтон саас ытыам диэн бэркэ харыстаан илдьэ сылдьар саатын сэбин аһыйара биир туспа этэ.
    Болот Боотур
  • Биир уустаах чилиэннэр тыл үөр. - этиигэ биир саҥа чааһыгар киирэр, биир ыйытыыга хоруйдуур, эппиэттиир тыллар. Однородные члены предложения. Оҕолор биир уустаах чилиэннэрдээх этиини уонна холбуу этиини булкуйаллар. ННН СТМО. Биирэ бииртэн - биир хайалара эрэ, хайаларынааҕар эрэ. Один другого. Биирэ бииртэн бэрт.
  • Уордаах Дьэкиим сырайа хас эрэ буолан көһүннэ, онтуката сөрүү тардан хаалбыт, биирэ бииртэн ынырыкка дылы. Н. Заболоцкай

«Б» буукуба