ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

билиитэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы плита

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Оһох үрдүгэр ууруллар түөрт кырыылаах, ас буһарарга аналлаах хаптаҕай чугуун

Нууччалыы Плита (печки)

  • Билиитэ үрдүгэр араас ас буһа турар.
    Н. Павлов
  • Дьахтар баартыктаах, билиитэ аттыгар эргичиҥниир
    Н. Габышев

2 аат тыл #

Түөрт кырыылаах, араас ойуулаах, үксүгэр таастан оҥоһуллубут дьиэ ис өттүн киэргэтэргэ аналлаах хаптаҕай тутуу матырыйаала

Нууччалыы Плита. Дыбарыас истиэнэтин ис эркиннэрэ быһан оҥоһуллубут рельефтэрдээх таас билиитэлэринэн бүрүллэллэрэ. КФП БАаДИ

3 даҕааһын #

суолт. Хаптаҕай

Нууччалыы Плоский. Сиргэ тэлгэтиллибит Билиитэ таастарга Сэрэнэн үктэнэбит. Н. Босиков. Киһи эбит, хамсыыр, бадаҕа, сымара билиитэ тааска олорор. Н. Габышев

4 этии #

Билиитэ оһох - билиитэлээх оһох Ааны аһан, хаһан эрэ оппуохалааҕа харааран хаалбыт, ортотугар улахан билиитэ оһохтоох киэҥ хоско киирдилэр. Софр. Данилов. Эдэрчи көрүҥнээх дьахтар билиитэ оһоххо оргуйан будулуйа турар күөһүн кытта бодьуустаһар. Н. Якутскай

Нууччалыы Печка с плитой

«Б» буукуба