ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биликтэс

туохтуур

Нууччалыы делать, выполнять что-л., напрягая силы

1 туохтуур #

Улаханнык сыралаһан, уһуннук тугу эмэ гын, оҥор

Нууччалыы Делать, выполнять что-л., напрягая силы (физические)

  • Уһуннук төҥкөйө сылдьан хойуу болбукта умнаһын кэрдэн биликтэһэригэр сиһэ быһынна. Тумарча. Лена Федоровна муоста сууйан биликтэһэ сырыттаҕына, холкуос бэрэссэдээтэлэ Василий Павлович киирэн кэлбитэ
    Н. Якутскай

2 туохтуур #

Тутуһа сылдьан харса-хабыра суох сыралаһан хабырдык киирис, охсус

Нууччалыы Жестоко схватиться, драться на близком расстоянии

  • Оҕустар балачча өр харсан биликтэһэн бараннар, уҥан хаалан, сүүстэриттэн тирэһэн, тыын ыла көбүөхтэһэ турдулар.
    Е. Максимов
  • Түһүлгэҕэ уолаттар тустан биликтэһэ сылдьаллар. “
    ХС

«Б» буукуба