Перевод с якутского
билкилин
туохтуур
Нууччалыы мараться об что-л., пачкаться
1 туохтуур #
Туохха эмэ (хол., киргэ-хахха) биһилин, киртий
Нууччалыы Мараться об что-л., пачкаться
Мэлдьи кини буорга буккуллар, мэлдьи чалбахха билкиллэр. Таллан Бүрэ. [Лаана:] Уолаттар баҕайылар, - - күнү быһа сэлээркэҕэ, бэнсииҥҥэ билкиллэн бараннар, биэрэстэлээх сиртэн аҥкылыһан кэлэллэр И. Семенов
2 туохтуур #
Буруйу оҥорууга кыттыһан, куһаҕан дьыалаҕа эрилин
Нууччалыы Заниматься каким-л. неприятным или неблаговидным делом, принимать в нем участие
Дьэ дирээн дьыалаҕа билкиллээри гынным. Николаев тылын истэн. Истиэ суох баара. А. Кривошапкин (тылб.)