ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биллэрии

аат тыл

Нууччалыы объявление, сообщение

1 аат тыл #

Хаһыакка бэчээттэммит эбэтэр эркиҥҥэ ыйаммыт билиһиннэрэр сыаллаах кылгас сурук, сурах, араадьыйанан, тэлэбиисэринэн иһитиннэрии

Нууччалыы Объявление, сообщение

  • Сотору тахсан ааҥҥа биллэрии сыһыарда.
    М. Доҕордуурап
  • Түннүк аттыгар кэнсэлээрийэ остуола, хас да олоппос, истиэнэҕэ-бирикээстэр, биллэриилэр.
    Ю. Чернов
  • Ханна эрэ улахан уулусса диэкиттэн диктор саҥата информбюро биллэриитин ааҕара күһүҥҥү сөрүүҥҥэ дуораһыйан иһиллэрэ
    Г. Колесов

2 аат тыл #

кэнс. Туох эмэ туһунан сэрэтэр, биллэрэр ис хоһоонноох докумуон

Нууччалыы Извещение, уведомление

  • Барсуков баай биллэриитин ылаат, Чаараттан Толстоухов үрүҥ этэрээтэ Маачаҕа тоҕо ааҥнаан кэлэр.
    Н. Якутскай
  • Онтон биир ыйынан улахан убайым Кеша туһунан биллэрии кэлбитэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги Майа байаҥкамаатыттан Сэбиэскэй Сойуус Геройа Попов Федор Кузьмич геройдуу өлбүтүн туһунан биллэриини аахпыппыт. Софр
    Данилов

«Б» буукуба