ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биллэх

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы положить, бросить, поднимать так, чтобы повисло серединою

I

1 туохтуур #

Тугу эмэ ортотунан туора түбэһэр гына уурунан көтөх, тугу эмэ ортотунан туора ыйанар, иилиллэр гына уур

Нууччалыы Положить, бросить, поднимать так, чтобы повисло серединою

  • Ааныска балтараа саһааннаах кыдама атырдьаҕы ньилбэгэр биллэҕэн туруораат, нөрүс гынан, икки илиитинэн кыдама төрдүттэн харбаан ылан сүүрэн кэлэ-кэлэ, бугул аҥаардыыта оту өрүтэ эһэн биэрэ турбут.
    Амма Аччыгыйа
  • Кытыыга тиксэн, бэрт кыракый ол-бу маһы уот оттунан, эмиэ дуона суох талах оҕотун тааска биллэҕэн, оллоон оҥостон, чэй өрүннүбүт
    Н. Босиков

2 туохтуур #

Мэһэйи үөскэт, туорайдас

Нууччалыы Мешать, препятствовать осуществлению чего-л. 1941 сыл үлэ-хамнас киэптээбитэ, кыһайбыт курдук сут биллэҕэн, от-бурдук үүммэтэҕэ

  • Онон урут хаһан да буолбатах ыар кыстык тирээбитэ. “Кыым”. Быһата, [төрөппүттэр] былыргылыы холбооттоон кэбиһиэхтэрин, хардарыта таптыыр оҕолорун көҥүллэригэр эрэ биллэҕэннэр тохтууллар
    Р. Кулаковскай
II

3 аат тыл #

Аҕастыы-балыстыылары кэргэн ылбыт дьонтон биирэ атыныгар (икки күтүөттэн биирэ атыныгар биллэх буолар)

Нууччалыы Свояк. Арамаан биллэҕэр биир күн өрөөтүлэр. Амма Аччыгыйа. Соҕуруу олохтоох биллэҕим көрүнньүккэ тылынан-өһүнэн көмөлөспүтэ буолбута. Далан. [Күөх Көппө:] Сарсын икки оҕуһунан маһы соҕотохто көҥү тиэйээри, биллэҕим Миппээн оҕуһун баран көрдөһө сырыттым. Суорун Омоллоон

«Б» буукуба