ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

билсии

аат тыл

Нууччалыы первое знакомство с кем-чем-л

1 аат тыл #

Ким эмэ эбэтэр туох эмэ туһунан аан маҥнай билии, маҥнайгы өйдөбүлү ылыы

Нууччалыы Первое знакомство с кем-чем-л

  • Дьэ ити кэнниттэн, билсии бөҕө акылаата ууруллубутун кэннэ, кэлбит хоноһо кус оҕолоох уулары, куруппааскылаах сирдэри аргыый, “олоруохтааҕар” сураспыта буолла.
    Н. Заболоцкай
  • Орджоникидзе бу сырыыга даҕаны хас да күнү собуоту кытта билсиигэ атаарбыта. ОТК. Үлэ бу көрүҥүн кытта уруокка эрэ билсии кыра, ол иһин кылаас таһыгар үлэлиэххэ наада
    ННН СТМО

2 аат тыл #

Кими эмэ кытта өйөһөр, тирэх буолар, туһа таһаарынар сыаллаах сибээстэһии

Нууччалыы Блат, связи (используемые в корыстных целях)

  • Баар сиригэр, билсиинэн, сыанатыгар ылабын, суох сиригэр ыарахан сыанаҕа батарабын, Батараат, эмиэ саҥаны буларга турунабын.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Аны барыта оннук. Билсиһии, уруу-хаан, биир дойдулаах. Фельетон суруйабыт, саралаһабыт. Оттон билсиинэн туһанабыт.
    Э. Соколов
  • Бирилээбэк аннынан Билсиинэн атыылыыр Бэдэр бэрэдэбиэстэр Билигин даҕаны Биһиэхэ бааллара Мэлдьэҕэ суох ини!
    М. Ефимов

«Б» буукуба