ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

билэ

аат тыл, туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы напильник; файл

English file

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы напильник; файл

English file

  • Holonym: ыйдарыы (ïydarïï, “directory”)
I

2 аат тыл #

Үксүн оҕуруонан анньыллыбыт оһуордаах этэрбэс, үтүлүк айаҕар самсыы тигиллэр сукуна эбэтэр атын таҥас

Нууччалыы Нашиваемая по краю торбасов, рукавиц узкая полоска ткани, обычно украшенная бисером

  • Билэҕэ ханыылаан сукунанан үтүлүгү тигэллэр, ытыһын сарыыттан оҥостоллор. АЕЕ ӨҮОБ. Клим сүрдээх эрэллээх баҕайытык быһыта баттаталаан, хайыы-үйэҕэ буолбут суолу хараҕынан көрбүт курдук, эрэллээхтик эттэ-тыынна, хара таба тыһа этэрбэһин билэтин тэнитэ тарпахтаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Этэрбэһин оҕуруолара уонна кыһыл билэтэ оһох кэннинээҕи хараҥа өҥтөн арахсаннар, уот сырдыгар субу тэлибирэспитинэн, чаҕылыспытынан киһи хараҕар тиийэн кэлэллэр
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Ыстаан иитигэр тимэхтэнэрин эбэтэр баайылларын курдук холбуу тигиллибит синньигэс таҥас

Нууччалыы Пояс. Үс сыл устата ыстаанын билэтигэр баайан илдьэ сылдьыбыт тылы ылан, [Дьөгүөрсэ] дьааһык күлүүһүн аһа сатаабыта. Н. Якутскай. Тарбыйах ыстааммыттан билэтэ эрэ хаалбыт. Саха ост. I

4 аат тыл #

Тиис төрдүнээҕи быччыҥныҥы кытаанах эт, миилэ

Нууччалыы Десна. Көр-да-бу! Көрдөр хараҕым дьүккэлэрэ, Көтүрдэр тииһим билэлэрэ, Көмүс түөстээх күөрэгэйдэрим. П. Ойуунускай. Дьүһүннээһиҥҥэ харах, тиис эрэ буолбакка “харах уута”, “харах харата”, “харах дьүккэтэ”, “тиис билэтэ (миилэтэ)” диэн быыччыктар эмиэ кытталлар. КНЗ СПДьНь. Ср. тюрк. билэк 'запястье'

II

5 даҕааһын #

, поэт., үрд. Истиҥ, чугас, үтүө (дьон, доҕоттор)

Нууччалыы Искренние, задушевные, самые близкие (люди, друзья)

  • Үтүө билэ дьонноргор Туох үчүгэй өҥөлөөххүнүй? Тула доҕор дьонноргор Туох тутулук туһалааххыный?
    А. Софронов
  • Барабын дойдубун харыстыы, Көмүскүү күн билэ дьоннорбун, Бырастыы, ийэкээниэм, бырастыы!
    П. Тобуруокап

«Б» буукуба