ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

билээгэ

аат тыл

Нууччалыы фляга

1 аат тыл #

Туох эмэ убаҕаһы кутан илдьэ сылдьарга аналлаах кыра хаптаҕай бытыылкатыҥы иһит

Нууччалыы Фляга (походная)

  • Билээгэлэргэ сылаас чэйи аҕалан красноармеецтарга тарҕаталлар.
    Н. Якутскай
  • Уулусаҕа ньиэмэстии суруктаах кэнсиэрбэ бааҥкалара, снаряд дьааһыктара, кааскалар, билээгэлэр бөх буолан сыталлар.
    И. Никифоров
  • [Американец] аҕыйах хамса табах биэрбитэ, биирдии үрүүмкэ үрүҥ арыгыны куругар ыйана сылдьар бэлээгэтиттэн иһэрдибитэ
    Н. Габышев

2 аат тыл #

Убаҕаһы таһарга аналлаах улахан иһит

Нууччалыы Фляга (большой сосуд)

  • Эһэм сайылыктан билээгэлээх үүтү тэлиэгэлээх атынан таһар этэ.
  • Сүөгэй да хаачыстыбата быдан тупсубут, алта билээгэ көрүллүбүтүттэн биирдэрэ да быраактаммата. “
    Кыым

«Б» буукуба