Перевод с якутского
биржа
аат тыл
Нууччалыы биржа.
1 аат тыл #
Сыаналаах кумааҕыны, валютаны уонна табаары эргитэн үп-харчы, атыы-эргиэн эпэрээссийэлэрин толорор тэрилтэ
Нууччалыы Биржа. Үлэтэ суохтарга биржаны аспыттара, ол эрээри онтон үлэ эбиллибэтэҕэ. “ХС”. Капитал күүһэ барытын быһаарар, биржа барытын быһаарар, оттон парламент, быыбар - олор марионеткалар, кокууккалар. В. И. Ленин (тылб.)
2 этии #
Нууччалыы Биржа труда
Үлэ биржата - дьону үлэ миэстэтинэн хааччыйар, тиксиһиннэрэр тэрилтэ Үлэтэ суохтар үлэ булууларын сөптөөхтүк тэрийэр туһугар үлэ биржалара тэриллэллэр. В. И. Ленин Үлэттэн үүрүллүү, үлэ биржатыгар халтай бириэмэни сүтэрии ыччат олоҕун суолун саҕаланыытыгар эрэлин сүтэриитигэр сабыдыаллыыр. ПА