ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бириһиэн

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы брезент.

1 аат тыл #

Лүөнтэн эбэтэр холуопактан өрүллүбүт ууну өтүппэт хоччорхой чиҥ таҥас

Нууччалыы Брезент. Дуткиннаах Петров люгу бириһиэнинэн бүрүйдүлэр. Н. Габышев. Сыарҕа үрдүнэн биэтэҥнии иһэр гына тиириллибит бириһиэҥҥэ уһугулаабыт Киргиэлэй ынчыктыы иһэр. Амма Аччыгыйа

2 даҕааһын #

суолт. Бириһиэнтэн тигиллибит, оҥоһуллубут

Нууччалыы Брезентовый

  • Тыа саҕатыгар бириһиэн балааккалар кэчигирэспиттэр. ДФС КК. Бириһиэн сабыылаах грузовикпытыгар олорон дьиэлээбиппит.
    ХС
  • Маруся бириһиэн түгэхтээх наһыылканы сыарҕа аттыгар тэлгэтэ уурбута
    Эрилик Эристиин

«Б» буукуба