ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

битии

аат тыл

Нууччалыы энергичная пляска на одном месте

1 аат тыл #

Биир сиргэ эрчимнээхтик битийэн үҥкүүлээһин

Нууччалыы Энергичная пляска на одном месте

  • Бэһиэлэй битиини Мин үрдүк биэрэктэн Өҥөйөн көрбүтүм, Үөрбүтүм-көппүтүм. Эллэй. Солко күөх куугунас Суотту киэҥ нэлэмэн сыһыытыгар Биэс үйэ биһирээбит дьаралыгынан Битии битийэн ылларбыан.
    С. Васильев
  • Маннык үтүө битиигэ Бары хаамсан көрсүһүҥ! Сэлбиэрэстиир эһээкэй!
    С. Зверев
  • Биир сиргэ салгыҥҥа уйдаран кынаккынан дайбана туруу. Θ Парение, трепетание крыльями в воздухе на одном месте (о птицах). Чыычаах ырыата Чараҥы чаҕаарта, Күөрэгэй битиитэ Күммүтүн күөрэттэ
    П. Дмитриев

2 аат тыл #

Хамсааһын хатыланыытын түргэнэ

Нууччалыы Частота движения

  • Ардыгар, сүүрүк ат битиитэ, ойуута уонна тыынын уһуна быһаарар. “Чолбон”. Устудьуоннар Сэргэлээх диэки суол килэҥэр хатыыскалаан кэбиһэ-кэбиһэ, сэлиик ат битиитинэн түһэллэр.
    ХС
  • [Косилка] Уон миэтэрэ туоратынан Олуктаан нэлэһиттэ, Биэс сытыы хотуурдарынан Битиитэ биллибэккэ куһуйда.
    Н. Степанов
  • Аппыныын хаамар битиим Арыый түргэтээтэ: Оол, ыраах куорат Витим Уота элэҥнээтэ
    Дьуон Дьаҥылы

«Б» буукуба