ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

битийиктэн

туохтуур

Нууччалыы очень быстро затопать на одном месте, высоко поднимая и переставляя ноги

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Дьэбдьиэскэ дьэ эбии түргэтээн битийиктэнэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Баһыкыы чахчы тиэтэйдэ буолан баран, букатын хорутуута суох биир сиргэ битийиктэнэ турар курдук.
    Амма Аччыгыйа
  • "Механизатор бэрдэ да буолбатарбын, тракторист чахчы буолуом", - киэпкэтин өрө уунна, көрүдьүөстүк үҥкүүлээн битийиктэннэ, итиэннэ эргиллэ түһэн, хайыһан да көрбөккө, бара турда
    В. Протодьяконов

2 туохтуур #

Түргэн-түргэнник атахтаргын өрө көтөҕөлөөн, биир сиргэ тэпсэҥэлээн ыл

Нууччалыы Очень быстро затопать на одном месте, высоко поднимая и переставляя ноги

3 туохтуур #

Түргэнник күүскэ өрө мөхсө түс (сүрэх тэбэрин туһунан)

Нууччалыы Сильно и часто биться (о сердце), затрепетать, испытывая сильное волнение

  • Зоя сүрэҕэ битийиктэнэ тэптэ.
    Е. Неймохов
  • Кыыс ып-ыраас, халлаан күөҕэ харахтара арылыһа чаҕылыспыттарын уонна нарын уоһа сэгэйэн олус кэрэтик мичийэн ылбытын дьэ өйдөөн көрдө, кини мыс курдук ытыһын тутарыгар сүрэҕэ битийиктэнэ түстэ. “
    ХС

«Б» буукуба