Перевод с якутского
битилик
аат тыл
Нууччалыы перепонка
1 аат тыл #
Уу көтөрдөрүн атахтарын, лапчаан атахтаахтарга лапчааннарын чараас бүрүөтэ, быыһа эбэтэр холбооһуна
Нууччалыы Перепонка (плавательная)
Бу кус [көҕөн] этэ-сиинэ биллэ-биллибэт хаптаҕай, моонньо балайда уһун, атахтара кылгас; инники үс тарбаҕа битиликтэринэн холбоммуттар, кэлин тарбаҕа босхо. ББЕ З. [Пингвиннэр] суос-соҕотох сымыыттарын атахтарын битилигэр тута сылдьаллар уонна өрөҕөлөрүгэр баар тириилэрин улахан иҥээһинигэр сыһыаран, туран эрэ баттыыллар. ББЕ З Куру иҥиннэрэр биэтилэ. Θ Петля, застежка из тонкого шнурка. Ыстаан битилигэ
2 аат тыл #
Таһаҕаһы ыҥырдарга эбэтэр туох эмэ тутууру санныга быраҕан сүгэргэ аналлаах кэтит быа, кур
Нууччалыы Лямка. Бэрэмэдэй битилигэ. Битиликтээх сымабын биллириктэн ыламмын. П. Ойуунускай. [Сүгэһэр] икки санныга кэтиллэр, ортотунан битилигинэн холбонор, бөҕө-таҕа тирии сүгэр быалаах. Я. Семенов
3 аат тыл #
Бэйэ-бэйэтигэр холбуу иҥиннэриллибит тимир (эбэтэр кытаанах атын матырыйаал) сүһүөхтэртэн турар тиһилик
Нууччалыы Гусеница (трактора)
Тыраахтар битилигин суоллара, чаһы браслетын субуйа тарпыт курдук, биир тэҥник инчэҕэй буорга дьырылаан сыталлар. В. Яковлев Соломон оҕунуох буолбут үтүлүгүн бульдозерын битилигин үрдүгэр уурбута М. Попов