ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биэрэс

аат тыл

Нууччалыы приспособление для качания, качели

English pepper

I

1 аат тыл #

Хачайдана оонньуур оҥоһук, хачыал

Нууччалыы Приспособление для качания, качели

  • Оҕо биэрэскэ оонньоото. Биэрэс үөһэ хачайданна. Тэҥн. биэрэҥ

2 этии #

Биэрэс тэп - төттөрү-таары туох да кыһалҕата суох сырыт, кэл-бар Н. Заболоцкай. Күн кыһалҕата суохтук ыалтан ыалга биэрэс тэбэр идэлээх. Эрчимэн. Остуол, долбуур икки ардыгар биэрэс тэбэ сырытта. И. Сысолятин

Нууччалыы Ходить туда-сюда (беззаботно, без особой нужды). [Тугут] иннибит диэки онон-манан элэҥнээн биэрэс тэбэн сылдьымахтаабыта

II

3 аат тыл #

Уһун синньигэс быһыылаах кыһыл, от күөх биитэр саһархай дьүһүннээх, иһэ көҥдөй аһыы амтаннаах оҕуруот үүнээйитэ

Нууччалыы Перец (разновидность овощей)

  • Кылгас күн үүнээйилэригэр помидордар, баклажаннар, биэрэс, оҕурсу аһаҕас буорга үүннэриллэр суортара киирэллэр. ФНС ОС
  • Оннук үүнээйини үлтүрүтэн оҥоһуллубут аска кутуллар аһыы амтаннаах тума. Θ Перец (приправа). Сыа амтана тупсарын наадатыгар чосунуогу, үлтүрүтүллүбүт биэрэһи, онтон да атын туманы кутуллар
    ДьСИи

«Б» буукуба