Перевод с якутского
биэс
ахсаан
Нууччалыы пять
English five
Ис хоһооно · 6
1 #
төһө ахс. аат
2 #
Биэс сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл
Нууччалыы Пять. Биэс сыл тухары. Биэс харчы. Биэс киһи. Оройуон мантан биэс көс. Амма Аччыгыйа. Биэс хонук айаннаан ийэлэрин балаҕанын дьэ көрбүттэрэ. И. Данилов. Хас биирдии киһи иккиттэн биэскэ диэри күрүө сирдээх буолуох тустаах. М. Доҕордуурап
3 #
Үөрэнээччи билиитин сыаналыырга “туйгун” диэн сыана
Нууччалыы Отметка успеваемости ученика, означающая “отлично”, пятерка
Бүгүн биэһи ыллым. Барыта биэскэ үөрэнэр
4 #
Тардыы сыһыарыыланан биэстээх, биэс саастаах диэн суолтаҕа туттуллар
Нууччалыы В форме принадлежности употребляется в значении: пять лет кому-л., пятилетний
Кыра кыыһа биэһэ. Биэһэ буолан эрэр. Тюрк. беш, бес, биш
5 этии #
Нууччалыы Очень хорошо знать (букв. знать как свои пять пальцев)
Этиилэр
Биир-биэс кэпсэтиитэ суох көр биир-биэс
Биир биэс кэпсэтиитэ суох, устарга быһаардылар.
Биэс тарбах (тарбаҕыҥ) курдук бил
- бэрт үчүгэйдик бил Мин кинилэр сүөһүлэрин бэйэм биэс тарбаҕым курдук билэбин. А. Софронов. Бу дойду сирин-уотун биэс тарбаҕын курдук билэр ааттаах суолдьут киһилээхпит. Суорун Омоллоон. Муммат киһи, бу дойдуну биэс тарбаҕын курдук билэр. Н. Босиков. Биэс уон икки күлэр эмэгэт кэпс. - хаарты оонньуутугар “хаарты” диэн суолтаҕа туттуллар.
В карточной игре употребляется в значении “карты”.
Дьэ эрэ, биэс уон икки күлэр эмэгэтим, бэттэх хайыс, сүүйүүтэ биэр
6 этии #
Нууччалыы Одна пятая
Этиилэр
Биэс тымыр көр бохсурҕан
Биэс тыһыынча - тыһыынчаны биэстэ ылбыт саҕа ахсаан.
Пять тысяч.
Биэс тыһыынча харчы. Биэс тыһыынчалаах сон. Биэс тыһыынчаҕа атыылас. Биэс уон - түөрт уонтан уонунан ордук ахсаан. Пятьдесят - больше сорока на десять. Мин итиннэ сааламмытым биэс уон сыл буоллаҕа буолуо. Амма Аччыгыйа Киниискэбэр биэс уон тыһыынча сытар. А. Федоров
Өссө холобурдар (1)
// Үйэ аҥаара. Полвека. Кини биэс уона. Биэс уоммун эһиил туолабын