Перевод с якутского
биһиги
солбуйар аат, аат тыл
Нууччалыы мы
English we
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
сирэй солб. аат
Биһиги олус ыраах туораан хаалбыт быһыылаах этибит. Амма Аччыгыйа Хомоҕо сөтүөлээн баран, биһиги чараҥ күлүгэр тахсан, сынньана олорбуппут. Н. Заболоцкай Биһиги этэҥҥэ олоробут Н. Габышев
2 аат тыл #
Элбэх ахсаан 1 сирэйигэр этэр киһи кимниин эбэтэр кимнээҕи эмэ кытта холбуу буолалларын бэлиэтиир
Нууччалыы Мы (личное мест.)
3 аат тыл #
Тардыы форматыгар туттуллар ааттары кытта этэр киһи кимниин эмэ бииргэ кинилэр киэннэрэ буоларын бэлиэтиир
Нууччалыы Наш (наша, наше - притяж. мест.)
Мин кыра оҕо эрдэхпинэ биһиги дэриэбинэбитигэр улахан сут буолбута. Эрилик Эристиин Дьэ ол курдук биһиги аҕабыт, төрүт да өһөс муҥутаан, ууга киирбэтэх оҕус курдук, кэлии да соҕох буолбута. Н. Заболоцкай Биһиги холобурбутун батыһыҥ диэн ыҥырыы таһаартарар үһүбүт. Софр Данилов
4 аат тыл #
Холбуу түһүккэ турар тыллыын холбостоҕуна, “мин кинилиин, иккиэн” диэн суолтаҕа туттуллар
Нууччалыы Употребляется вместо “я с ним, вдвоем” примыкая к имени существительному в совместном падеже
Ол кыыстыын биһиги тапталбыт Оҕолуу, кэмчиэркэй да эбит. Т. Сметанин Сэгэрбиниин биһиги Сири-сибиири тэлиэхпит С. Васильев биһикки диэн курдук. Эн биһиги дьукаах олорон оонньуурбут саҕана дьол-соргу туһунан, сор-муҥ туһунан санаан көрбөт этибит. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Ыкса киэһэ атах ороҥҥо, эбэм оронугар, быраатым биһиги кистээн күлэн сыһыгыраһа-сыһыгыраһа оонньуу олордохпутуна, кыра уолчаан миигин одуулаһан мылаллан турда. Амма Аччыгыйа "Оҕуһум биһиги куһаҕан да эбиппит, бу дойду тоҕо баҕас үчүгэйэй, хаарыаны, манна олорбут киһи", - дии саныы истэ [Ыстапаан]. А. Софронов Ср. тюрк. биз 'мы'