ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

биһилэх

аат тыл

Нууччалыы кольцо.

English ring

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Тарбахха кэтиллэр киэргэл

Нууччалыы Кольцо. Кыһыл көмүс биһилэҕин устан иһэн төттөрү анньан кэбистэ. Амма Аччыгыйа. Кини илин-кэлин кэбиһэр үрүҥ көмүс симэҕин уонна кылдьыы көмүһүн, кыһыл көмүс харыйа ытарҕаны, хас да биһилэҕи таһааран эрин иннигэр уурар. Н. Якутскай. Оҕолор -- дьиэлэригэр кэлэн сэлиэнэйдээх ууга биһилэҕи түһэрэн, олох маска бүргэһи сүүрдэн эҥин бараһыайдыы сатыыллар. Софр. Данилов. 2.. Киһи тарбаҕа батар гына кытаанах матырыйаалта оҥоһуллубут (хол., төлө тардарга) тиэрбэс. Предмет в форме окружности, ободка из твердого материала. Парашют тимир биһилэҕин төлө тардарбын кытары парашютум тэнис гынан эрэрэ. “ХС”. [Гавриил] илиитигэр тутан иһэр лимонкатын биһилэҕин төлө тардар. А. Данилов. Рекламаларга биэс араас өҥнөөх биһилэхтэр - олимпийскай оонньуулар бэлиэлэрэ көстөллөр. Е. Неймохов

2 аат тыл #

Бүүрүк, тиэрбэс курдук быһыылаах туох эмэ

Нууччалыы То, что имеет форму окружности, обода

  • Умнаска сэбирдэхтэр сыстыһар сирдэригэр биһилэхтэр (түмүктэр) икки ардыларынааҕы уста түмүктэр икки ардылара диэн ааттаналлар. ПФМ КО. Таммах түстэҕин аайы ууга төгүрүк биһилэхтэр эрилиҥнэстилэр. В. Арсеньев (тылб.)

3 аат тыл #

Ким эмэ кими-тугу эмэ тулалааһына, төгүрүктээһин

Нууччалыы Положение, когда кто-л. окружен кем-чем-л., замкнут круговой линией чего-л

  • Бандьыыттар биһигини тохсунньуттан ыла биһилэх курдук төгүрүйэн хаайан кэбиспиттэрэ. ГСС. Түөрт уон сыллааҕыта, 1943 сыл тохсунньу уон аҕыс күнүгэр Ленинграды тула гитлеровскай сэриилэр биһилэхтэрин көҥү көтүү түмүктэммитэ. “
    Кыым

4 этии #

Нууччалыы Якутская национальная игра “Колечко”

  • Биһилэх кутуһуу (кистээһин) - саха оонньуута. Биһилэх кутааччы тула олорор оонньооччулар хайаларын эрэ ытыһыгар биллэрбэтинэн биһилэх түһэрэр. "Биһилэх кэл", - диэн ыҥырдаҕына, атыттар биһилэхтээх киһини тута сатыахтаахтар. Туттарбатах киһи биһилэх кутааччы буолар Один, имеющий кольцо, ходит по ряду и делает вид, что в ладонь каждого опускает кольцо и тем временем незаметно опускает его в чьи-то ладони. Немного отойдя от играющих, вызывает: “Колечко, выходи!” Тот, у которого колечко, стараясь вырваться от своей пары, устремляется к ведущему, а его напарник старается его схватить. Если его не поймают, он становится обладателем кольца и ведущим. А первый ведущий садится на его место. Былыр өбүгүлэрбит саха балаҕанын сыҥаһатыгар иккилии буолан (8 паара) кэккэлэһэн олорон эрэ биһилэх кутуһан оонньууллара. ӨОо. Киэһээҥҥи хараҥа ыган кэллэҕинэ, биһилэх кутуһуутугар, харах симсиитигэр улахан да дьон кыттыһа түһэллэр. ЧМА ЭТНББ. Дьэ ол кэнниттэн үҥкүү, ырыа, харах симсиитэ, биһилэх кутуһуута, солоҥдолооһун, дьиэрэҥкэй тэбиитэ, хапсаҕай оонньуута буолар.
    ХС
  • Сирэйдээх биһилэх - тарбах көхсүгэр түбэһэр өттүгэр арааһынай быһыылаах, ойуулаах эбэтэр ойуута суох хаптаҕай ньуурдаах биһилэх. Θ Кольцо с небольшой нарезной печатью, печатка. Кини сирэйдээх биһилэххэ сакаас ылалларыгар көрдөспүтэ. “Кыым”. Уот биһилэх байыан. - өстөөхтөргүн билиэн ылар эбэтэр суох оҥорор сыаллаах өстөөх атын сэриилэриттэн арааран төгүрүккэ ылыы, төгүрүктээһин. Θ Окружение (букв., огненное кольцо). Оттон уот биһилэххэ ыллардахха, дьэ бу олус кутталлаах, ыарахан.
    ХС
  • Куорат тула өттүнэн уот биһилэх буолан куораты төгүрүктээн сытара.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Кинилэри уонунан бүгүлүүр ахсааннаах, модун техникалаах өстөөх улахан сэриитэ уот биһилэххэ хаайбыта. “ХС”

«Б» буукуба