Перевод с якутского
бобо
сыһыат
Нууччалыы туго, крепко, плотно
1 #
Сүүрбэт, кэлбэт-барбат, хамсаабат гына ыксары, ыга (тут, баай уо. д. а.)
Нууччалыы Туго, крепко, плотно (держать, завязать и т. д.)
Бобо тут. Куул айаҕын бобо баай. Былаатын бобо баанна. Ийэ кини илиитин икки сылаас илиилэринэн бобо тутан турда. Амма Аччыгыйа Оҕотун көрөн, үөрүүтүттэн, бобо тутар күөмэйэ чөллөрүйдэ. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
[Өрүс] бобо ылан буойа-хаайа сыппыт дьаптал мууһун дьэ хоҥнорон, сайгыччы уста сытта С. Федотов
2 этии #
Нууччалыы Внезапно почувствовать спазм или комок в горле (будучи ошеломленным или крайне взволнованным)
Бобо бэрдэр - соһуйан, өмүттэн эбэтэр олус долгуйан, күөмэйгин туох эрэ бүөлээбитин курдук, эмискэ саҥаҥ кыайан тахсыбат буолан ыл “Эһигини көрсөөрү... ” - Маша үөрүүтүттэн бобо бэрдэрэн ситэ эппэтэ. А. Сыромятникова Кэпсэтэр кыаҕым адьас суох - барытыттан бобо бэрдэрэн хааллым. П. Тобуруокап Тэҥн. бөтө бэрдэр. Бобо тут - кыараҕас буолан ыга тута сырыт. Θ Быть тесным, жать (об одежде). Бэргэһэтэ бобо тутар эбит. Бачыыҥкам бобо тутта