ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

болбукта

аат тыл

Нууччалыы кедровый стланик

1 аат тыл #

Намыһах умнастаах, хойуу мутукчалаах, киһи сиир эриэхэлээх бэс бииһэ үүнээйи

Нууччалыы Кедровый стланик

  • Болбукта эриэхэтэ.
  • Хайа сирэйигэр онон-манан үүммүт болбукталар үллэһэн олороллоро көстөр.
    Н. Заболоцкай
  • Маһын үксэ бэс уонна болбукта этэ.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Хайаларга наар болбукта үүнэр сирэ эбит. А. Кривошапкин (тылб.)

2 аат тыл #

түөлбэ. Моруоска отоно

Нууччалыы Ягода морошки

  • Ытыһын толору болбукта хомуйан аҕалбыта.
  • Тууйаска толору симэн бэйэтэ болбукта диэн ааттыыр аһын аҕалбыта.
    Г. Васильев
  • Эвенк. болгикта

«Б» буукуба