ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бор

даҕааһын

Нууччалыы неразборчивый в еде

English indiscriminate

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Нууччалыы неразборчивый в еде

English indiscriminate (with regard to food)

  • бор ат
    лошадь, которая ест всёa horse that eats anything

2 даҕааһын #

даҕ

  • Иван оҕо эрдэҕиттэн бор киһи. Бытархай сыыс өттүн ыраастыы барбакка, ытыһын тухары мунньубут дьэдьэнин биирдэ уобан кэбиһэрэ.
    Н. Лугинов
  • Айанньыт бор аты хайа да сүүрүккэ атастаспат
    Н. Заболоцкай

3 даҕааһын #

Талымаһа, сириксэнэ суох, имири-хомуру аһылыктаах

Нууччалыы Неразборчивый и небрезгливый в еде (корме), обладающий качествами прожорливого

4 даҕааһын #

Мараны, барбаҕы да ылынар, тумна сатаабат

Нууччалыы Такой, который непритязателен в чем-л. (напр., во вкусах)

  • Саха бор эбээт аакка Былыргыттан даҕаны, Мин биир орто холхуоска Билэбин уон Уйбааны, Тоҕус төрөл Маарыйаны.
    И. Гоголев
  • Мавра бор соҕус тыллары тутунна, хараҕа туманнырда
    М. Доҕордуурап

5 этии #

Нууччалыы Привыкнуть к своим безнравственным поступкам в чем-л. и перестать стыдиться их

  • Боргор түс кэпс. - туохха эмэ куһаҕаннык быһыыланаргын кэрэйбэт, саатырҕаабат буол Улуу баай убайа Чоочо [Сүөдэри] Уруурҕаан быстыбат оччо, Боругар түспүт оҕонньор Босхо хамначчыт оҥостор.
    Ф. Софронов
  • Тэҥн. кэрээҥҥиттэн таҕыс

«Б» буукуба