ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бороон

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы теленок в первую зиму

1 аат тыл #

Кыһыҥҥыга тиийбит торбос; борооску

Нууччалыы Теленок в первую зиму (в период стойлового содержания)

  • Бары эдэр эрчимнээх, көхтөөх-нэмнээх буоланнар, икки сүүс биэс бороону сыл таһаарбыттара.
    ЭК
  • Ырыганнаабыт борооҥҥо балык миинэ “өлбөт мэҥэ уута” буоларын саха дьоно бэрт өрдөөҕүттэн билэллэр.
    БИ

2 даҕааһын #

суолт. Бороон буолбут (торбос); бороон тириитинэн оҥоһуллубут

Нууччалыы Достигший стойлового периода содержания (о теленке); сделанный из шкуры теленка этого возраста

  • Хаардаах бугул саҕа Халадыйар хатан хататтаах, Бороон торбос саҕа Боҕуйа охсор чокуурдаах [Хатан Тэмиэрийэ].
    П. Ойуунускай
  • Кугас бороон суумкаттан Кумааҕытын хостоото.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тэҥн. торбос

3 этии #

Бороон көрөөччү -борооннору көрөр, аһатар сүөсүһүт “Атамай” сопхуос Маҕанытааҕы отделениетыгар биэс отделение бороон көрөөччүлэрин уонна сүөһү иитиитин специалистарын научнай-практическай конференциялара буолла. “Кыым”

Нууччалыы Скотник, ухаживающий за телятами, достигшими стойлового периода

«Б» буукуба