Перевод с якутского
бороһуок
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы порошок.
1 аат тыл #
Күл курдук үлтү мэлиллибит оҥоһуулаах туох эмэ
Нууччалыы Порошок. Тиис суунар бороһуок. Таҥас сууйар бороһуок. Минеральнай уоҕурдуулары икки суол көрүҥүнэн - бороһуок оҥорон биитэр дьоҕус туорах-гранула көрүҥнээн тутталлар. КВА Б. Пижма от бороһуогун эмиэ үөннэри утары туттуллар. Ити оту сибэккилээтин кытта хомуйуллар, дьиэ иһигэр хатарыллар уонна бороһуок буолуор диэри илдьи мэлийиллэр. ФНС ОС. // кэпс. Бороһуок эмп. Лекарство в порошках. [Биэлсэр] арыы курдук оҕунуоҕу, хас да кумааҕыга сууламмыт бороһуогу биэрдэ. Амма Аччыгыйа. Биэлсэр кыыс солбуйан олорор. Ол кыыс араас бороһуоктары иһэрдэ сатаата да туһалаабатылар. Софр. Данилов
2 даҕааһын #
суолт. Бороһуогунан бэлэмнэммит, бороһуогунан туттуллар
Нууччалыы Приготовленный в порошках, порошковый
Бороһуок үүт. Михаил Иванович балыыһаҕа күннэтэ үстүү-түөртүү укуолу ылара уонна өссө элбэх таблеткалары, бороһуок эмтэри иһэртилэр
Н. Лугинов