ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

боһомо

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы особенно крупный, большой, видный

1 даҕааһын #

Ордук бөдөҥ, улахан, толору көстүүлээх

Нууччалыы Особенно крупный, большой, видный

  • Иэһигэр тутан ылбыт үс боһомо сүөһүтүн, Аата суохха, Ордьоонойго уонна Хобооҕо сиэттэрэн, ол көлүйэҕэ күнүс киллэртэрдэ.
    И. Гоголев
  • Боһомо бултан Улуу-буур тайахтан ордук Ботуччу булду Булан көрбөтөҕүм.
    Саха фольк
  • Алҕаһаабатах эбиттэр. Хаһыытааччылара_ _ Сибиир кыраҕа уолуһуйбат боһомо оробуочай киһитэ, улахан бытыктаах Степан Буров буолан таҕыста.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (5)
  • Хайдах диэн умнуо эбиппиний кинилэри_ _ Сырыыны сырҕаннара быһаарбыт Ол буҕа, ол боһомо, Ол киппэ-киил, түс-нүһэр өбүгэлэрбин!
    П. Тобуруокап
  • Тоҕус боһомону көрдүүр.
  • Онон биир кыайтарбыккыт сылгынан-ынаҕынан отуттуу боһомону баайыаххыт үһү.
    Р. Кулаковскай
  • Үс түүннээх күн утуйар, аһыыр диэни умнан, кутаа оттон, боһомо өлөрөн, дьүүл-дьүһүн бөҕөнү түһэрбиттэр. Тыллаах барыта саҥарбыт, кырыыстаах барыта кыраабыт, ааттаах удаҕаттар мэнэрийбиттэр, улуу ойууттар кыырбыттар.
    В. Яковлев
  • Эн курдук боһомонон хаамтарарым буоллар ааппын билбэт буола байыам этэ
    Болот Боотур

2 даҕааһын #

Бөдөҥ сүөһү, ынах, сылгы бөдөҥө

Нууччалыы Крупный (взрослый) скот (корова, лошадь)

3 даҕааһын #

Туох эмэ ордук бөдөҥө, улахана (үксүгэр тард. сыһыар-х тут-лар)

Нууччалыы Самое крупное из кого-чего-л. (употр. большей частью в ф. принадлежности)

  • Хотоҕойдоох боһомотуттан Кубаттан ордук Куорсуннаах толуутун Чопчу көрбөтөҕүм.
    Саха фольк
  • Өйдүүр инигин, били эн биһи Өлөртөн саспыт тааспытын?_ _ Оччоҕо үрүҥ тыыммыт өллөйө, Хара тыыммыт харыһыга Буолбут курдуга үрдүү үллэйэр Буордаах тааспыт боһомото.
    И. Эртюков
  • Бэйэ туһун көмүскэнэр Биир да тылы этиппэккэ, “Нолуок киэнин боһомотун, Тардыы-түһээн сүрдээҕин” Дьонтон эрэ чорботон, Наар киниэхэ сүктэрэллэр
    Күннүк Уурастыырап

«Б» буукуба