ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

буккураа

туохтуур

Нууччалыы выходить, подниматься слабой струей (струями), вяло струиться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Ураһа ураатыттан синньигэс буруо буккуруур
    И. Гоголев

2 туохтуур #

Барбах аҕай, сүтэ-сүтэ кэриэтэ таҕыс (буруону этэргэ)

Нууччалыы Выходить, подниматься слабой струей (струями), вяло струиться (о дыме)

3 туохтуур #

Син туспа буруо таһааран (ыал, хаһаайыстыба буолан) олор (сүнньүнэн -ан сыһ. туохт. ф-гар “олор” туохт. кытта ситимнэһэн тут-лар)

Нууччалыы Иметь, хотя бедный, но свой собственный очаг, свое хозяйство (употр. в основном в ф. деепр. на -ан в сочет. с гл. олор “жить”). [Кээкэй] бэйэтэ биир да сүөһүтэ суох

  • Уҥа-хаҥас ыалларыттан үүт-хаар аһы асаһан, ыал буолан буккураан олорор. ҮҮА. [СПТУ] холкуостан соччо сир-уот былдьаспакка, олохтоох ыаллар уһаайбаларын үтүрүйбэккэ-хабырыйбакка, им-дьим буккураан олорбута
    Ф. Софронов
  • Мааса_ _ улаҕа диэки эргиллэн, муннун тыаһа буккураабытынан барда.
    Р. Кулаковскай
  • Сылайбыт киһи Даайыс, ынчыктаамахтаан эргийбэхтээн баран, хайыы-үйэҕэ мунна буккураабытынан барда
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • Утуйан холку-холкутук тыынан муннугун сурдурҕат (үксүгэр оҕону этиллэр). Θ Тихо и спокойно дышать носом во время сна (большей частью о ребенке). [Кыыча] кыра эрдэҕинэ_ _ийэтин хоонньугар уу нуурал бэйэлээхтик утуйан буккураан хаалара. Софр. Данилов. Оҕо эрэйдээх, дөйүр-дайыр тирии таҥаһыгар сууланан, утуйан буккуруур.
    Суорун Омоллоон
  • [Кыра оҕото] иһэ топпута да, утуйан буккураан хаалбыта.
    И. Федосеев
  • Атын дьахталлар бары сынньалаҥнык буккуруу сыттахтара, арай кини эрэ туохха эрэ дылы, тылын туора уобан, аан дойдуну биир гына тилийэ сылдьар. Софр
    Данилов

4 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. суолт. Холкутук аргыый сурдурҕаан иһилин (утуйа сытар киһи-сүөһү муннун тыаһын этэргэ)

Нууччалыы Быть тихим и спокойным (о ровном дыхании звукоподражательный спящего носом - гл.)

«Б» буукуба