Перевод с якутского
булкус
туохтуур
Нууччалыы быть в тесных отношениях с кем-л., близко знакомиться, водиться с кем-л
1 туохтуур #
Кими эмэ кытта үгүстүк бииргэ орооһон сырыт, бодорус
Нууччалыы Быть в тесных отношениях с кем-л., близко знакомиться, водиться с кем-л
булкуй диэнтэн холб. туһ. Ярославскай вокзал!.. Дьон бары тиэтэйэллэр, бутумахтаһаллар, булкуһаллар. Амма Аччыгыйа Манна араас өҥнөөх сибэккилэр кулун кутуругун кытта булкуһа үүнэллэр. А. Бэрияк Уопсай дьыалаҕа кыырпах да саҕа кэтэх, хос санаа булкуһара табыллыбат. СТЫМ
Өссө холобурдар (2)
Киһи киһини уһуннук куодарыстаҕына, булкустаҕына эрэ үчүгэйдик билэр. С. Никифоров Билигин холкуос бөһүөлэгэ бэйэтэ сахалыы үөрэппит биэлсэрин кимиэхэ да биэриэн баҕарбат, биэлсэр бэйэтэ эмиэ бу дьонугар бииргэ булкуһан, үөрэнэн, өйөнсөн хаалла Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Туохха эмэ туораттан ороос, туораттан кытта, быһаарса сатаа; ороос
Нууччалыы Стараться распоряжаться чем-л. со стороны, вмешиваться в чьи-л. дела. [Марфа Николаевна:] Бу эмиэ киммитий атын ыал олоҕор булкуһа сатаабыт?
“Улахан дьон иирээнигэр эн булкуспакка тур!”- диэтэ хоҥсуо Сэмэн. Амма Аччыгыйа Пиэрмэ сэбиэдиссэйэ быһаччы дьаһайыахтаах дьыалаларыгар үрдүкү салайааччылар күннэтэ булкуһаллара уонна эппиэкэлээһиннэрэ таһаарыллыбат ЭБТ
3 этии #
Булкуһа буруолаах поэт. - олох ыкса олорор, ыкса ыаллыы Тилиһэ тиэргэннээх, булкуһа буруолаах Тэҥнээх дьүөгэтигэр, ыкса ыалыгар Кутуйах кыыл Күтэргэ тиийэн_ _ Муннугар от аҕатан кэпсии олордо. В. Чиряев
Нууччалыы Самый близкий (сосед, к-рый живет с кем-л. так близко, что дым от его очага смешивается с дымом от очага др.)