ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

булчут

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы тот, кто добывает диких зверей, птиц или рыбу, занимается охотой; охотник, рыболов

English hunter, huntsman

1 аат тыл #

Булду бултааччы, булдунан дьарыктанааччы

Нууччалыы Тот, кто добывает диких зверей, птиц или рыбу, занимается охотой; охотник, рыболов

  • Мин куһаҕана суох булчуппун, бултуом-алтыам, эн күөстүөҥ-астыаҥ, иистэниэҥ.
    Т. Сметанин
  • Булчут туруйаны соччо үчүгэй көтөргүн диэн бултаспат.
    Н. Якутскай
  • Ол чааска төрөөбүт эбиппин мин Биир тууһут, сохсоһут, Удьуордаах уу булчут
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (3)
  • Түүлээҕи бултааччы, түүлээхчит. Θ Тот, кто добывает пушнину; промысловик. Кадровай булчут. Булчут үүтээнэ.
  • Сопхуос булчуттара уонна кыылы иитэччилэрэ судаарыстыбаҕа сыл аайы мөлүйүөнтэн тахса солкуобайдаах кылааннаах түүлээҕи туттараллар.
    И. Данилов
  • Сыыдам табатын ньуоҕулаан, Сындыыс курдук көтүтэр, Чыыстай хайатын уҥуордаан Чысхаан күүһүн көрсүһэр Хотугу кыраай булчута Холкуос кыыһа Долгунча
    Күннүк Уурастыырап

2 даҕааһын #

суолт. Булка дьоҕурдаах, сатабыллаах эбэтэр улахан үөрүйэх

Нууччалыы Владеющий умениями охотника, обладающий охотничьим опытом и качествами

  • Булчут ыт.
  • Булт-алт элбэх буолуо буоллаҕа дии. Бэйэм бэрт булчут киһибин.
    Күндэ
  • Уһугун, уһугун, Сүрэхпин долгута, Мин булчут өбүгэм Сорсуннаах соргута!
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Оттон билиҥҥитэ Арбатскай, тугу да уорбалаабакка, булчут хаанын киллэрэн туһахтарын кэрийэн барбыта
    В. Яковлев

«Б» буукуба