Перевод с якутского
буол
туохтуур
Нууччалыы быть, являться; делаться, становиться
English to be, to become
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Тугу эмэни, баһылаа; дьоҕуру ыл; хайдах эрэ көрүҥнэн (хай. туһунан этэргэ)
Нууччалыы Быть, являться; делаться, становиться
Учуутал буол. Харса суох буол. Учуонай буол. Ыал буол. Эн ирдиҥ-хордуҥ, Эр бэрдэ буоллуҥ, Билигин, дьэ мин Билбиппин Бэрсиим, Олоҕум туһунан Оҕобор кэпсиим. Эллэй. Кини хараҕын симэн, Москва Биэс сууккаҕа утуйбатаҕа. Ытыктыы куруйан, ый тахсан Бочуоттаах харабыл буолбута Күннүк Уурастыырап
2 туохтуур #
Оҥоһулун, үөскээ, үөскээн үөдүйэн таҕыс (туох эмэ түбэлтэ туһунан)
Нууччалыы Быть, происходить, случаться
Бүгүн мунньах буолар. Тоҥоруу буолбут. Бырааһынньык буолла. [Дэһээтинньик:] Сотору улахан мунньах буолар, сэтээтэл дайыымпаны иэстии тахсар үһү. А. Софронов Фергана уонна Перовскай куораттарга осада балаһыанньата буолбут. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Быйыл күһүн сир харанан туран тоҥуута буолла Т. Сметанин
3 туохтуур #
Саҕалан, кэл (үксүгэр дьыл кэмин, о. д. а. бириэмэ кэрчигин туһунан этэргэ)
Нууччалыы Наступать, начинаться; приходить
Кыһын буолла. Күн ортото буолла. Им-ньим буола түстэ. Ыарахан былыттардаах бороҥ халлаан тыына тымныйбыт, кыһын буолара чугаһаабыт.
КүндэКиэһэ буолла, халлаан барыарда, арҕаа эҥэргэ сырдык им саһарҕата тунаарыйан көстөр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Киэһэ аһылыгы аһаан баран, хараҥа буолбутун кэннэ, Гурьянов биһикки сарсын сытар саҥа позициябытын булан бэлэмнии бардыбыт Т. Сметанин
4 туохтуур #
ар диэн аат туохтууру кытта хайааһын мэлдьи, куруук оҥоһулларын көрдөрөр көмө туохтуур суолтатыгар туттуллар
Нууччалыы В сочетании с причастием на -ар основного глагола употребляется обычным служебным глаголом, означающим регулярность, обычность, постоянство действия
Билигин, хомсомуолуттан таһаараннар, быһыыта, өйдөнөн эрэр быһыылаах, син онтон-мантан толлор, дьиксинэр буолбут.
П. ОйуунускайТогойкин хайдах эрэ дьиксинэ санаата, сотору-сотору тулатын көрүммэхтиир, кэннин хайыспахтыыр буолла. Амма Аччыгыйа [Куһу] үксүгэр сыыһарбыт. Онтон кэнники үөрэнэн-үөрэнэн син табар буолбуппут. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Тюрк. бол