Перевод с якутского
буоллаҕына
холбуур
Нууччалыы а, но
Ис хоһооно · 7
1 #
ситим т
Үчүгэй баар буоллаҕына, ханна да куотуо суоҕа. Софр. Данилов. Билигин ыраахтааҕы суох буолбут буоллаҕына, аны кини бэчээтэ күүһэ да суох. Амма Аччыгыйа Суруксут иһэр буоллаҕына, оттон... тугу гына олороҕутуй? Н. Якутскай
2 #
Болдьох салаа этиилэри эбэтэр болдьох араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга туттуллар
Нууччалыы Употребляется для присоединения условных придаточных предложений (если, а если...)
3 #
Этиилэри эбэтэр этии чилиэннэрин утарыта тутан ситимнииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется для соединения предложений сопоставительной связью (а, что касается, в то время как)
Солко [киһи аата] үс ыанар ынахтаах, миэхэ буоллаҕына биир. С. Ефремов Барыта, бүтүн биир чиэппэр ааспытын үрдүнэн, саҕалана эрэ сатыыр. Күн-дьыл буоллаҕына тохтоло суох ааһан иһэр. Софр. Данилов. Турахин эдэр ойоҕо буоллаҕына хайы-үйэ сарыысса буолбут курдук хоҥкулдьуйан хамсанан баран, сылабаар чаҕылыгар күлүгүн көрүннэ. Эрилик Эристиин Ытарынан буоллаҕына, тииҥи хараҕыттан атын өттүгэр түһэрбэт М. Иванов
Өссө холобурдар (3)
Оттон диэн ситим тылы кытта үгүстүк холбоһон утарар суолталаах дэгэттэнэр. Θ Часто сочетаясь с союзом оттон имеет оттенок противительного значения. “Дьэ, кэпсээ,” - диэн Мундербек иилэ хабан кэпсэтэн барда, оттон Абдуркулла буоллаҕына аһыммыт хараҕынан көрөн иһиллээн олордо. Эрилик Эристиин Оттон сытар киһи буоллаҕына төбөтүн биллэ-биллибэттик хамнаппахтаан, аатын истибитин биллэрдэ. Амма Аччыгыйа Онтон саахар буоллаҕына ити биһиги сиргэ үүннэрэр сүбүөкүлэбититтэн тахсар
Суорун Омоллоон
4 #
Утарыта суолталаах этиилэри ситимнииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется для соединения противоположных по смыслу предложений (а, но, наоборот, напротив)
Эбэм миигин таптыыр, эн буоллаҕына таптаабаккын. ХС Кини маҥнай Академияҕа кыыһыра санаабыта: биир кэпсэтиигэ лабораторияны көһөрүөх буолаллар, иккис сырыыга буоллаҕына, обсерваторияны бүттүүнүн сол лабораторияҕа бас бэриннэрээри гыналлар. В. Яковлев Онтон барытыттан Софья Павловна уонна киниэхэ сүгүрүйээччилэр күлсэллэрэ, онтон Фома буоллаҕына итиигэ-буһууга киирэн олус эрэйдэнэрэ. “ ХС
5 #
Инники этиллибит этиигэ кини ис хоһоонун толорор, сайыннарар, быһаарар суолталаах этиилэри холбуурга туттуллар
Нууччалыы Употребляется для присоединения предложения, дополняющего, поясняющего высказанную мысль (а)
Өрүһүнэн устан истилэр, Өрүстэрэ буоллаҕына сүүрүгэ сүрдээх. Саамай сөпкө гыммыккын. Бэйэтэ буоллаҕына күннээҕинэн олорор. ХС Урут, сырыттах ахсын, тугу эмэ үлэлии, имитэ, иистэнэ олорор буоллаҕына, билигин - суох. “ ХС
6 #
Да эбиискэни кытта туттуллан, үксүгэр төннүктүүр салаа этиилэри холбуурга туттуллар
Нууччалыы С частицей да употребляется для присоединения чаще всего уступительных предложений (хоть, хотя)
Кини билигин миигин аһыммат да буоллаҕына, ол баата суох. Д. Таас Иирсээн-айдаан диэн... Баар да буоллаҕына, ол эйиэхэ туох сыһыаннаах буолуой? Софр. Данилов. Кырдьык, оннук тутулук баар да эбит буоллаҕына, ол иккиэйэх суолтан - ууттан уонна тымныыттан. “ ХС
7 #
Туох эмэ (хай.) буолуутун усулуобуйатын көрдөрөр
Нууччалыы Показывает условия протекания действия
Абдуркулла! Мин сүрдээхтик аччыктаатым, куулгун көр эрэ, туох эмэ баар буоллаҕына, иккиэн сиэх! Эрилик Эристиин [Лэкиэс:] Киһи бэйэтин урукку сыыһатын өйдөөбүт буоллаҕына, кэлэр өттүгэр итинниги иккиһин оҥорбото чахчы. Т. Сметанин Көрө түһээт, төннүөҕүм, Чугас эбит буоллаҕына, Сотору хоҥнуллуо, Ыраах эбит буоллаҕына, Бу манна хонуллуоҕа Эллэй