Перевод с якутского
буорах
аат тыл
Нууччалыы порох.
English powder, gunpowder
1 аат тыл #
Саа, сэрии сэбин иитиитигэр туттуллар дэлби тэбэр булкаас
Нууччалыы Порох. Буораҕы ууга суурайан ньирэйигэр иһэрпитэ. Амма Аччыгыйа. Сахсыйдахха, кэһээтэххэ, миэхэ да биирдэ эмэтэ ытар буорах орто ини. Софр. Данилов. [Миша:] Кыайтардаххытына бэриммэккэ, балаҕаҥҥытын кытта барытын үлтү тэптэрээри, буораххытын, сэпкитин чөмөхтүү куппуккут. Л. Габышев
2 этии #
Нууччалыы Пороху еще не нюхал (калька от русского)
Буорах сытын билэ илик (билбэтэх, сытыргыы илик) - сэриигэ кытта илик, сэриигэ үөрүйэҕэ суох Сорох күн аайы кыргыһыы уотугар сылдьар. Сорох сааһын тухары буорах сытын билбэккэ хаалар. Амма Аччыгыйа Буорах сытын билэ илик саҥа кэлбит дьону көрсүһүү... боруон бэтэрээннэрин кытта билиһиннэрииттэн саҕаланара. ХС Буорах сытын өссө сытыргыы илик, аармыйаҕа ыҥырыллаат атаҕын бүлгүрүтэн киирэ сытар Клим Попов көбдьүөрүйдэ. ХС
Өссө холобурдар (4)
Буорах сытын амсай (буораҕы сыллаа) - сэриигэ аан бастаан кытын. Θ Впервые принять участие в боях; понюхать пороху (калька от русского). Сыл курдук сэриилэһэн, өстөөх тугун-ханныгын дьэ билэн, буорах сытын амсайан, госпиталга өр сыппыта. ХС Бу манна эрэ, Украина сиригэр, буораҕы аан маҥнай сыллаан эрэбин. Н. Кондаков Буорах самыыр - олус бытархай таммахтаах самыыр. Θ Очень мелкий дождь. Тэҥн. быыһы (быыһык, муора быыһыта, муора быһыта) самыыр. Тумарыгынан таҥыннаран Тула ибиирэ, илгистэ, Буор хайаттан туманныран Буорах самыыр түһэн истэ. С. Тимофеев Бүгүн аны буорах самыыр түстэ. С. Федотов