Перевод с якутского
буордан
туохтуур
Нууччалыы покрываться пылью, пылиться
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Буордаах, быыллаах буол, буордуй (хол., уулусса, суол туһунан)
Нууччалыы Покрываться пылью, пылиться
Уулусса киһитэ малыйан, Бурҕайбат буорданан утуйбут. Оннооҕор, хормуоска сылайан, Куоракка уу-чуумпу тунуйбут Күннүк Уурастыырап
2 туохтуур #
Элбэх буор суураллан, будулхай өҥнөөх буол (өрүс, үрэх сайыҥҥы буордаах уутун туһунан)
Нууччалыы Становиться мутной (о воде рек во время второго летнего половодья)
Сай ортото Дьааҥы уута буорданар. Ону олохтоохтор “Булуус сыылбыт” эбэтэр “Куруҥ уута кэллэ” дииллэр Багдарыын Сүлбэ
3 туохтуур #
Өлбүгэ (оттуур ходуһа) сирдэн
Нууччалыы Иметь надел (покосный участок)
Оччугуй норуот эрэйдээх Онно-манна Оҥкучах алаастар улаҕаларыгар Остуол саҕа ыһыыланан, Оччугуй лоскуй буорданан Олорбуттар этэ. Нор. ырыаһ
4 туохтуур #
Буорга киир, өл
Нууччалыы Погибнуть, скончаться умереть. [Бүөтүр:] Кулаак кутуруга буолар санаа суох
Оҕонньор бэйэтэ даҕаны “кутуруга-муоһа суох буорданыам” диир Амма Аччыгыйа