ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бурут

аат тыл

Нууччалыы вех ядовитый, цикута

II

1 аат тыл #

Абааһы тайаҕар маарынныыр миэтир сүүрбэ сэнтимиэтиргэ тиийэ үрдүктээх ууга, бадарааҥҥа үүнэр элбэх сыллаах силиргэхтээх дороххой от үүнээйи (ынах сүөһү сиэтэҕинэ ыалдьар, өлөр)

Нууччалыы Вех ядовитый, цикута

  • буруй I диэнтэн дьаһ. туһ. Хаача ыт төттөрү-таары буруппут чубукуларын сүүрдэ сылдьан ытыалаата да, биири даҕаны охторбото.
    В. Протодьяконов
  • Кэнники испит ийэ эһэ хорос гына олоро түстэ, икки инники иһээччилэр мин диэки уун-утары ыстаннылар. Ытым кыыллар иннилэрин күөйэ түстэ... Бурутта... “ХС”
  • Биэстээх-алталаах Буор хара атыыр Оҕус Буруту сиэн баран, буугунуу-буугунуу Буору хаһа сытарын курдук Модурууннаах модун хаан Модьоҕолоох эбит.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • [Бухатыыр] тоҕустаах дуолан хара атыыр Буруту сиэн баран, өлөн үллэ сытарын курдук, Модун буор модьоҕолоох эбит
    Суорун Омоллоон

2 этии #

Нууччалыы Старинный кнут (для телесных наказаний человека)

  • Бурут кымньыы - былыргы баайдар киһини таһыйар кымньыылара “Ырыа ыллаабыт” хайатын анныгар тимир бурут кымньыы дьөллүргэлээх, уот садаҕа кымньыы талбалаах Байбал Богучуоп уһаайбата көстөр.
    Эрилик Эристиин
  • Ыыс - бурут тыл - олус күүскэ үөхсэр тыл. Θ Сильное сквернословие. Этиһии өссө кэҥээн таҕыста. Үөхсэр ыыс-бурут тыллары ой дуораана тыа түгэҕин диэки охсон илдьэ бара турда.
    Эрилик Эристиин
  • “Омугумсах”, “бурсуй” - диэбит Ордуос, балыыр уураахтар, Ол кэмҥэ миигин үөхпүт Эҥин бурут тыллаахтар.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • "Күлэргэ, бурут тыллары булан этэргэ балайда сайдыбыт киһигин дии, бадаҕа", - диэтэ Ананий.
    М. Доҕордуурап
  • Сидьиҥ бурут тылынан Кирдиэлэтэ үөҕүүгүн Сэҥээрбэккэ бардым, сэгэриэм. Саха нар. той. IV. Бурут хорҕолдьун - үрүҥ хорҕолдьун. Θ Олово. Эр бэрдэ эбит буоллаххына, Эккирэтэн киирэ тардыый, Куттас сордоох эбит буоллаххына, Суоллуу-сойуолуу да сорунума, Нохойдоон-оҕолоор! - диэн баран, Буруолуур төлөннөөх Бурут хорҕолдьун буолан, Соҕотохто сур гынан, Суох буолан хаалла. Күннүк Уурастыырап
III

3 #

көр бурулҕан. Бурукка түбэспит бэс туораҕа долгуҥҥа эрийтэрэн сүтэ-сүтэ күөрэйэрин кэриэтэ, кини [Сеня] бүтүн ый мэлийэн баран, сындалҕаннаах айантан чоройо дьүдьэйэн, иэдэһэ хараара иһэлийэн төннүтэлиирэ. Софр. Данилов. Арыт күлүүс тылыныы, Эриллэр буруттардаах, Арыт хоруу кутарыныы, Дохсун долгуннардаах. Д. Таас

«Б» буукуба