ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

буур

туохтуур, аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы сердиться, гневаться из-за чего-л., на кого-л

Ис хоһооно · 7
I

1 туохтуур #

, эргэр. Кимиэхэ эмэ кыйахан, кыыһыр

Нууччалыы Сердиться, гневаться из-за чего-л., на кого-л

  • ан толлойдуҥ, кимиэхэ буурдуҥ?
  • "Буур" өссө биир өйдөбүллээх - кыыһыр диэн
    Багдарыын Сүлбэ
II

2 аат тыл #

Тайах, таба атыыра (биэс сааһыттан үөһэ өттө)

Нууччалыы Самец оленя или лося (свыше пятилетнего возраста)

  • Кыстык хаар түһүөн иннинэ өссө биир бууру өлөрөн, саҥа булуустарыгар укпуттара - сайыҥҥы кыылларын этин кытта холбуу.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уйбаанча дьон сээдьэлиир саҥаларын истээт, аатырбыт олох буурун миинэн онно барбыта.
    Н. Якутскай
  • Этэрээт наадатыгар диэн, биэс уонча бастыҥ буурдары Сэргэчээҥҥэ туттардылар
    Болот Боотур

3 аат тыл #

Киһи, дьон бастыҥа чулуута (үксүгэр тард. ф.)

Нууччалыы Лучшие из людей (обычно в ф. принадлежности)

  • Эдэр киһи салалтаҕа тахсарыгар күөх ыллык төһө да ытыллыбыт охтуу тардылыннар, бу үлэҕэ киһи буура буолан олордоҕо.
    С. Федотов
  • Ханнаный хойгуонан хайаны суулларар Эр бэрдэ дьонноргут, бухатыыр буурдара?
    Л. Попов
  • Бөҕөс бөҕөтө тустубут, Буурдьут буура буурдаабыт
    Эллэй
Өссө холобурдар (4)
  • Сүүрэр атахтаах сур күүдээҕиттэн буур тайаҕар диэри _ _ бары кини суолун көрөөрү, уон үрэхтэр улаҕаларыттан үмүөрүһэн кэлэ сылдьыбыт курдуктар.
    Амма Аччыгыйа
  • Куруҥ ойуурга үүммүт талах ортотугар сүүнэ буур тайах турар эбит.
    Н. Якутскай
  • Арай биирдэ буур табаны сүүрдүүгэ Афанасий Христофоров тыһы табаны сүүрдүүгэ Николай Павлов чөмпүйүөннээтилэр.
    ХС
  • Тюрк. бур, бугра

4 даҕааһын #

суолт. Саамай кырдьаҕас уонна улахан (тайах, таба атыырын туһунан)

Нууччалыы Самый старый и большой, матерый (о самце лося или оленя)

5 этии #

Буур кэспит уутун испиккэ дылы - амтана суох, амтана биллибэтэх, миинэ барбатах (чэйи, миини этиллэр) Оок-сиэ, бу чэйбит буур кэспит уутун испиккэ дылы буолан

Нууччалыы Невкусный (обычно о чае, супе)

III

6 аат тыл #

, спорт. Сүүрэн кэлэн уһуну ыстаныы

Нууччалыы Прыжок в длину (с разбега)

  • Буурга, куобахха М. Скрябин чөмпүйүөннээтэ. “
    Кыым
IV

7 #

буур массыына - сири дьөлө үүттүүр массыына

Нууччалыы Бур, бурильная машина

  • Көмүс көрдөөн Ыстаал сэп чыҥкынаата, Буур массыына чуҥкунаата, Маҕыньыыттаах массыына бачыгыраата
    Өксөкүлээх Өлөксөй

«Б» буукуба