ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быар

аат тыл

Нууччалыы печень.

English liver

1 аат тыл #

Хааны, үөһү оҥорууга кыттар уонна вещество эккэ-хааҥҥа атастаһыытын дьаһайар киһи эбэтэр хамныыр-харамай ис уоргана

Нууччалыы Печень. Тиэтэйбит [Боотур] батыйатын сиргэ дьөлө анньан баран, хараҕатыгар быарынан бигэнэ, иҥиэттэ, суол аанынааҕы дүлүҥ олох маска олорор. Эрилик Эристиин. Түүн өйө суох балыыһаҕа киирбитим. Тыҥабынан, быарбынан тымныйбытым. Н. Лугинов. Онуоха уһун субуйа батаһынан быарын хаба ортотунан дьөлө түстэ да, алта хос дапталҕа хара куйаҕын, үс хос тимир тиһилик таҥаһын туос курдук тобулу аста. Ньургун Боотур

2 аат тыл #

Сыыр, томтор, хайа эниэтин ортото

Нууччалыы Середина, средняя часть склона, пригорка бугра, горы

  • Халдьаайы быарыгар Күөх бурдук Күөгэйэ хамсаабыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ржев таһыгар сотору-сотору хатыылаах боробулуоха икки-үс хос ииччэҕэр кэтиллэ түһэриҥ. Томтор, сыыр быара - дзот, дот, батарея.
    Д. Кустуров
  • Ньургуһуннаах халдьаайы быарыгар сыламныы сытар “Бадык” пиэрмэтигэр бу күннэргэ үлэ-хамнас күөстүү оргуйар.
    ЭК
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. багыр, баур, боор, пуур

3 этии #

Нууччалыы Квадратная доля (печени человека)

Этиилэр

Быар(ым) быстыар диэри (күллүм) көр быара суох барда

Хата, мин киһибиттэн быарым быстыар дылы күлбүтүм. “Кыым”. Быар быһаҕас, тиис тоһоҕос - олус ыарыһах, өлөр ыарыһах.

Очень больной, смертельно больной.

  • Быаргын мэнэрит (үрүҥнээ) - бэрт кыратык аһыы түс, өл хап, иҥсэни баттат. Поесть немного, заморить червячка. Мэ, бу лэппиэскэнэн быаргын мэнэрит. Быаргын (быарын) тарбаа (тыыт) - 1) олус элбэхтик, көрдөөхтүк күл, быара суох бар. Смеяться долго, весело, умирать со смеху. Артур бүлүмүөт курдук бокуойа суох кут да кут, ол аайы Алешенька быарын тыытта, иэрийэ-иэрийэ күлэр. “ХС”; 2) күлүү гын, элэктээ. Подшучивать, насмехаться, издеваться над кем-л. Кинилэр бэйэлээхтэр [баайдар] дьадаҥы оҕонон быардарын тарбаан саатыыллар.
    Амма Аччыгыйа
  • “Алдьархайтан ас таһааран, Алыс быаргытын тарбаамаҥ!” - Хаадьылаабыт уолаттарга Хаайтарбакка хардарбыта.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (12)
  • Доропуун оҕонньор дьиэтигэр кэлэн “табыллыбатах” булчуттары күлүү оҥостон быарын тарбаата.
    Н. Заболоцкай
  • Быар куустан олор - 1) харыларгын быар туһунан эрийэ-хатыйа тут. Скрещивать руки на груди (по якутским понятиям, поза независимости, поза уверенности). Букв. сидеть, обнимая себе печень. Мин харахпар Күрүҥсүйбүт төбөлөөх, намыһах уҥуохтаах кырдьаҕас эмээхсин быар куустан лыкыччы туттубутунан, сүр эйэҕэстик көрөн-истэн, бойболлон турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги Өлүөскэбитин көрөн баран эһэ быар куустубут. - Эмиэ ол тоҕо? - Эмээхситтэр муодаргыыллар. - Оттон киэптээри.
    Далан
  • Эдэр киһи сэргэ таһыгар уот оттон бургучуппута уонна быар куустан, курулай сэргэҕэ өйөнөн туран, сири-дойдуну одуулуур. Л. Попов; 2) тугу да гыммакка, күн ыаһаҕын ыыт, таах сырыт. Бить баклуши. Тугу гына биһиги манна, куоракка, быар куустан олоробут? Баартыйа, барабыытылыстыба ыҥырыытын толоруохха, тыаҕа тахсыахха наада.
    С. Ефремов
  • Нэдиэлэнэн, ыйынан Дэлэй баран ыһыктынан, Илиилэрбин быар куустан, Сылдьыбытым суохха дылы.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уолаттарбыт улахан тренердэргэ баралларын тоҕо утарыахпытый? Ол эрээри бэйэбит Сахабыт сиригэр быар куустуо суохтаахпыт.
    ЭК
  • Быарын манньыт (быарыҥ манньыйдын) - көрдөһөн-ааттаһан, албыннаһан аһыныа да суохтары аһыннар. Расчувствоваться, растрогаться, прийти в состояние большого умиления. [Абааһылар] халлаан аргыардаах аартыгын түөрт кырыылаах дэриэспэ тааһынан хаппахтаан кэбиһээри соруннулар, Ону кырдьаҕас ойуун албын тылынан быардарын манньытта.
    И. Гоголев
  • Быарынан олорор - бүөмнүк, соҕотоҕун олорор. Жить уединенно, замкнуто, без гостей. Биирдэ эмэтэ соҕотохтуу көрсөн, быарбынан олорон, сэһэргэстэрбин, муҥатыстарбын диэн баҕарбытым ыраатта.
    Амма Аччыгыйа
  • Быарынан хаалар - туора киһитэ суох, бэйэтэ эрэ буолар, бүөмнүк, бүччүмнүк олорор. Жить уединенно, отшельником. Дьэ, биһиги быарбытынан буолан хааллыбыт.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Быарын харалыыр - хараны (эти, балыгы) өр сиэбэккэ сылдьан, ахтан баран сиир. После долгого перерыва с большим удовольствием есть мясную или рыбную пищу. Киэһэ утуйарбытыгар быарбытын харалаан хонуо этибит.
    Н. Заболоцкай
  • Уҥмат быардаах - дэбигис сылайбат, тугу эмэ тэтимнээхтик уонна уһуннук (тохтообокко) оҥорор кыахтаах. Выносливый, способный делать что-л. интенсивно и в течение продолжительного времени. Уҥмат быардаах сүүрүк. Уҥмат быардаах оһуохай таһаарааччы.
  • Онно уһун мунньахтар, Уҥмат быардаах араатардар. Күннүк Уурастыырап

«Б» буукуба