Перевод с якутского
былаат
аат тыл
Нууччалыы платок.
English shawl, scarf
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Дьахталлар төбөҕө баанар эбэтэр санныга бүрүнэр чараас эбэтэр халыҥ баайыы түөрт муннуктаах таҥастара
Нууччалыы Платок. Сиидэс был аат. Солко был аат. Түү был аат. Ылдьаана, бэргэһэтин былаатын устан баран, өйдөөн көрбүтэ, аан хоско хас да дьахтар кэлэн олорор эбит. Н. Неустроев. Эмээхситтэр, дьахталлар киэргэнэн, Эриэн былаатынан симэнэн, Сиэттиһэ-сиэттиһэ субустулар, Сир сибэккитинии нолустулар. С. Васильев
2 аат тыл #
Муннуну, уоһу, сирэйи сотторго аналлаах сиэпкэ уктар чараас таҥас түөрт муннуктаах кыракый лоскуйа
Нууччалыы Носовой платок
Учуутал бөтө түстэ уонна сиэбиттэн маҥан былааты сулбу тардан ылаат, бэйэтин хоһугар сүүрэн таҕыста. Амма Аччыгыйа Петя көлөһүнэ хараҕар киирэн аһыппытыгар сиэбиттэн былаатын ороото. М. Доҕордуурап Сонун ис сиэбиттэн ыраас былааты сулбу тардан ылан, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сотунна. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. ноһубуой (сыыҥтыыр) был аат
3 этии #
Нууччалыы Руки как плети (напр., о руках очень тяжело заболевшего)
Былаат курдук - күүс-сэниэ бүтэн босхо барбыт (олус улаханнык ыалдьан бэйэтин кыаммат буолбут эбэтэр уҥмут киһи туһунан) Ыалдьыбыт киһилэрин туруоран, былаат курдук намылыҥнатан намыһах олох маска олордон, икки өттүттэн өйөөн турдулар. Эрилик Эристиин Ананий тиийиитигэр Лука Иванов уҥа сытара. _ _ Харыта былаат курдук босхо барбытын билэн Ананий уҥуоҕа кыйытынна. М. Доҕордуурап
4 этии #
Саал былаат - 1) улахан өрүү эбэтэр баайыы был аат
Нууччалыы Шаль. Марба нэк сонун элэккэйин кэтэн, өҥө-дьүһүнэ бараммыт саал былаатын дуомун баанан тахсан барда. Күндэ. Дьиэ хара аанынан үрүҥ саал былаакка сөрөммүт мааны таҥастаах дьахтар сүүрэн тахсыбыт. Н. Заболоцкай. Эмээхсин, сонун устаат, саал былаатын көхөҕө ыйаан, аны чэй кутар айдааныгар түһэр. Н. Якутскай. 2) моойго эриллэр өрүллүбүт эбэтэр баайыллыбыт таҥас уһун синньигэс балаһата. Шарф. Таһыттан киирбит киһини, бэргэһэтин, саал былаатын устубутун кэннэ көрбүттэрэ: арай Куоҕас уола Киппэ Кирилэ эбит. Н. Неустроев. Уҥа диэки биир хара бараан эдэр киһи ханна эрэ бараары, уһун саал былааты эринэ турар. Н. Заболоцкай. Саал былаатынан ойоҕоһун туһунан бэйэтин тула эриннэ уонна онтон-мантан тардыһан, турда. Н. Павлов. Былаатынан таһыйсыы - оонньуу көрүҥэ: элбэх оҕо сис туттан төгүрүччү тураллар, биир былааттаах сылдьан, төһө кыалларынан биллэрбэккэ кимиэхэ эмэ былаатын туттарар, былааты ылбыт уҥа өттүгэр турар оҕону эккирэтэ сылдьан таһыйар, биирэ куотан миэстэтигэр кэлэн турар. Таһыйааччы былаат туттарааччы буолар. Вид подвижной игры: дети становятся в круг, держа руки за спиной. Ведущий вручает платок кому-л. незаметно, получивший платок начинает бить платком стоящего справа, тот должен убежать, обежать вокруг и становиться на свое место. Игрок с платком становится ведущим. Былаатынан таһыйсыыга элбэх оҕо оонньуур. Биир киһи былаат туттарааччы буолар. Атыттар бары, сис туттан баран, кэккэлэһэ төгүрүччү тураллар. ВПК СОо