ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

былаахы

аат тыл

Нууччалыы плаха

1 аат тыл #

Халыҥ хаптаһын

Нууччалыы Плаха (толстая доска)

  • Бэс былаахы. Тиит былаахы.
  • Кубалаах бөһүөлэгиттэн тутуу матырыйааллара - хаптаһын, буруус мастар, былаахылар, кирпииччэ, тоһоҕо, иэччэх, аан тутаахтара, кырааска, толь эҥин араас тиэллэн кэлэн истилэр.
    В. Протодьяконов
  • [Харытыан] сүгэ ылан, муостаны олуйбутугар, остуол сирэйин саҕа гына бииргэ ыпсарыллыбыт былаахылар түөрүллэн таҕыстылар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Бырысыаптаах тыраахтар тыырыллыбыт былаахылары сотору-сотору тиэйэн аҕалан өрөһөлүү кыстыыр
    А. Федоров

2 аат тыл #

Былыр палач киһи төбөтүн быһа охсоругар анаан оҥоһуллубут суон мас кэрчигэ

Нууччалыы Плаха (для казни)

  • Ыраахтааҕыта саллааттарыгар: “Баһын былаахыга ууруҥ!” - диэбит.
    Саха фольк
  • Тоҕус палач уолаттар! Чурум-Чурумчукуну, Былаахыттан быыһанан, быччалдьыйа турбутун, Чочоҥнуурун тохтотуҥ! Эллэй. [Ыраахтааҕы Суут Балаахырга:] Эн ол-бу буруйуҥ-айыыҥ элбээн эрэр. Итини барытын мунньан муунталаан баскын былаахыга уурдарыам
    ҮҮА

«Б» буукуба