ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быллаар

аат тыл

Нууччалыы местность, покрытая небольшими буграми

1 аат тыл #

Тэллэх баттаһа сытар олус улахана суох томтордор (үксүгэр, алаас халдьаайы эниэтин туһунан)

Нууччалыы Местность, покрытая небольшими буграми (в большинстве случаев, о буграх северных, т. е. обращенных на юг склонах аласов)

  • Үөскээбит быллаардарын быыһыгар дуоһуйа оонньоон, арааһы сэһэргэһэн, _ _ дьиэлэригэр кэлбиттэрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Чүөчээски] Толугур диэки сүүрдэ. Хоту халдьаайыга кэлэн, быллаары быыһынан, саһан “Чүөчээскигэ” тиийдэ.
    Суорун Омоллоон
  • Онно баар: мин алааһым барахсан, _ _ Бытырыыс буолбут ыстааннаах уолчаан Бырдааттыы ыстаҥалаабыт быллаарым. Эллэй. Кэрдиис, быллаар халдьаайылар, Сирэм күөхтээх толоон иэнэ Сибэккинэн тэтэрэллэр
    Күннүк Уурастыырап

2 аат тыл #

түөлбэ. Кыракый томтор, сир очура

Нууччалыы Маленький бугорок, неровность земли

  • Дулҕа саҕа быллаартан иҥнэн, умса баран түстүм. СГФ СКТ. [Кэнчээри] Сатаан туппат кыраабылын, Оту харбыыр көнтөрүктүк, Иҥиннэрэр быллаартан.
    И. Гоголев
  • Дьылҕам быстах санньыара Дьарыйбыта омунун. Суолум нэҥсиэ быллаара Сойуппата дьулуурбун.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Отчут киһи чэрдээх ытыһын курдук онон-манан быллаардаах кэҥэс ырааһыйаҕа сүүрдэн киирэн, матасыыкылын умуруорда
    ХС

3 аат тыл #

түөлбэ. Ходуһа көнө, үрдүк, кураанах өттө, добун сир

Нууччалыы Возвышенное, ровное сухое место сенокосного угодья

  • Отчуттар ону [оту] быллаарга өрө тардан, суон үрдүк субуу, бу дойдулуу эттэххэ, “ынах быата” оҥорон, субута тураллар
    Н. Заболоцкай

«Б» буукуба