ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

былытыр

туохтуур

Нууччалыы покрываться облаками; затягиваться тучами

туохтуур

Былыттан, былытынан бүрүлүн

Нууччалыы Покрываться облаками; затягиваться тучами

  • Бэрт ыраас турбут халлаан былытыра охсон, “муора быһыта” диэн ааттанар, тохтообокко сиигирдэр нэс ардах ибиирэ турда.
    Амма Аччыгыйа
  • [Бадин:] Таһырдьа төһө тымныыный? [Михаил:] Ичигэс, былытырбыт, сүүрбэччэ эрэ кыраадыс буоллаҕа буолуо.
    С. Ефремов
  • Бэҕэһээ киэһэ киһи тыына сыыгыныыр түптэлэс тымныытынан хабыалана турбут халлаан бу сарсыарда былытырбыт, сылыйбыт.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. былыттан

«Б» буукуба